Туз күөл
Туз күөл
Туз(тур. Тuz Golu, букв. Туустаах күөл; былыр - был.гр. Татта, "Фригийское солёное озеро") - Турция иккис улахан күөлэ. Күөл уутун тууһа 340%. Анатолия провинция киинигэр, Коньиттан хотугулуу-илин 105 км., Анкараттан соҕуруулуу-илин 150 км.тэйиччи сытар. Античнай историк уонна Римскэй Греция геограба Страбон, Галатия уоннаКаппадокия быыстарыгар сытар Татта күөл туһунан бэлиэтээн аһарбыт. Сыл улахан аҥаарыгар чычаас уулаах(1-2 м.) туустаах күөл ньуурун иэнэ - 1500 кб.км. Кини уһуна - 80 км. уонна кэтитэ - 50 км, муора таһымыттан үрдүгэ - 905 м. Күөл, Турция киин платотугар улахан тектоническай оҥхойу уутунан толорор. Туз күөлгэ икки улахан үрэхтэр түһэллэр, ону кытта кини сир аннынааҕы уулартан уонна сөҥүүлэртэн уутун эбинэр. Күөлтэн тахсар үрэхтэр суохтар. Туз күөлгэ үрэхтэр уонна каналлар түһэр сирдэригэр туустаах бадарааннар үөскээбиттэр. Сайын, итииттэн уута көтөрүттэн күөл элбэх ууну сүтэрэр. Түгэҕэ көстүбт сирдэригэр, орто кэтитэ 30 см.тэҥнэһэр туус араҥата тахсан кэлэр. Кыһын, күөл, сөҥүүлэртэн уонна тулалыы сытар сирдэр ыраас ууларын ылбытыгар ол туус араҥата суураллар. Күөл кытылыгар үс туус шахтата үлэлиир. Шахталар холбоон, Турция туттар тууһун 70% хостууллар. Туус хостооһуна, эрэгийиэҥҥэ, тууһу ыраастыыр уонна переработкалыыр хайысха сайдарын быһаарбыт. Күөл тулатынааҕы сирдэр, соҕуруулуу уонна соҕуруулуу-арҕаа хайысхаҕа сытар туустаах почвалаах бадарааннаах сирдэртэн уратылара туһаҕа таһаарыллыбыттар. 2001 с. Туз күөл, тулалыы сытар истиэптэрин кытта ордук харыстанар сиринэн биллэриллибиттэр. Күөл соҕуруу өттүгэр бөлөх арыылардаах. Арыылара сорох сиринэн бадарааннаахтар. Ол иһин быһылаах, онно, элбэх оруосабай фламинго сөбүлээн уйаланар. Ити сүрүн төрүөтүнэн, күөлгэ, дуналиелла солоноводная диэн одноклеточнай водоросль хото үүнэрэ буолар(Dunaliella salina). Өскөтүн, олус ардахтаах саас буоллаҕына, күөл уутун тууһа аҕыйаабытын биллилэр даҕаны, водоросльлар бэйэлэрин көмүскэнэргэ быһаарыналлар уонна глицерины кытта А битэмиини элбэхтик таһааран бараллар. А битэмиин уонна глицерин кыттыстахтарына бета-каротин диэн бэссэстибэ үөскүүр. Ол бета-каротин ууну кытархай өҥнүүр. Көтөрдөр кэллэхтэринэ, күөл улахан аҥаара кыһыллыҥы-оруосабай өҥнөнөр. Водоросльлар, ону таһынан, солоноводнай артемия диэн кыра рактар көрүҥнэригэр аһылык буолаллар. Онтон, фламинголар рактарынан аһылыктаналлар, ол иһин оруосабай өҥнөөх буолаллар. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%A2%D1%83%D0%B7_(%D0%BE%D0%B7%D0%B5%D1%80%D0%BE) https://cappadociavisit.com/ozero-tuz-solenoe-ozero-turcii/