Томскай (куорат)
Томскай – Томь өрүс үрдүгэр турар. Бөдөҥ үөрэхтээһин, билим киинэ: 7 вуз, 15 чинчийэр институт (НИИ) бааллар. Куоракка былыргы XVIII—XX үйэлэрдээҕи мас уонна таас дьиэлэр элбэхтэр. Куоракка бэйэтигэр 574 тыһыынча киһи олорор[1], муниципальнай тэриллии сиригэр — 787,2 тыһыынча киһи (2019 сыл[2]).
Саха сиригэр сыһыана
Томскай куорат былыр-былыргыттан Саха сиригэр сабыдыаллаах этэ. Мантан сылдьар хаһаахтар Дьокуускайга кэлэн сулууспалыыллара. Ыраахтааҕы илиитигэр олохтоох дьону киллэрэллэрэ. Бастакы саха үрдүк үөрэхтээхтэриттэн үгүстэрэ бу куоракка үөрэммиттэрэ (Николай Желобцов, Иван Ефимов, Георгий Ефимов).
Билигин да саха устудьуоннара бу куоракка үөрэнэллэр. 2002 сыллаҕы Арассыыйа биэрэпиһин түмүгүнэн манна 122 сахабын дэнэр киһи олохтоох эбит[3].
Быһаарыылар
- ↑ Численность населения Российской Федерации по городам, поселкам городского типа и районам на 1 января 2009 года. — Москва: Росстат, 2009. — С. 81. — 214 с.
- ↑ Муниципальнай тэрилии пааспара
- ↑ Сахалар ыстатыйа
Ссылки
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |