Таҥха Хаан

Таҥха Хаан — саха итэҕэлигэр, Айыы үөрэҕинэн, сэттис халлааҥҥа олорор билиини тосхойор айыы. Кини, Билгэ Хааны уонна Дьылҕа Хааны кытта, Билии айыыларыгар киирсэр. Билии айыылара киһи этин-сиинин арыйаллар, хараҕын аһаллар, билэр-көрөр дьоҕурун уһугуннараллар.

Билии айыылара

Үрүҥ Айыы Тойон
Алгыс этэн
Билии төрдө буол диэн
Билгэ Хааны,
Таҥха төрдө буол диэн
Таҥха Хааны,
Дьылҕа төрдө буол диэн
Дьылҕа Хааны

Бу дойдуга түһэртээбит[1].

Тэрис

Билии айыылара сэттис халлааҥҥа олороллор уонна сэттэ ыал буолан олохсуйбуттар. Кинилэри холбуур суол Билии айыыларын суола диэн ааттанар. Бу халлаан алгыһа үрүҥ тыын буолан киһи кулгааҕын, хараҕын нөҥүө киирэн, көрөр-билэр дьоҕурун арыйар. Билии айыыларын халлаанын алгыһа түмүллэн «Аан дойду айыллыбыт ырыата» диэн ырыа буолбут. Бу халлааны арыйар сүрүн алгыс Этиттэрии диэн ааттанар. Билии айыыларын сэттэ ыалын алгыһа түмүллэн сэттэ сиэр буолбут. Бу сиэри тутуһар киһи айыы майгыланан, кулгааҕа-хараҕа аһыллан, билэр мэйиилэнэр[2].

Таҥха Хаан сиргэ түһүүтүн былыр кыһыҥҥы күн туруутун кытта сибээстииллэрэ. Ити быһа барыллаан ахсынньы 22—23-с күнүгэр бэлиэтэнэр. Кини Билгэ Хаанныын бииргэ кэлэр уонна олунньу ый 18-с күнүгэр диэри сылдьар. Билгэ Хаан уонна Таҥха сэттис халлаан Үрдүк Айыылара буолаллар.

Таҥха Хаан киһи айылҕа ханнык эргииригэр түбэһэ төрөөбүтүнэн сыһыаран, кини дьылҕатын быһаарар. Онон Таҥха киһи таайар, сэрэйэр күүстэрин кытта сибээстээх. Айыы үөрэҕэ этэринэн, Таҥха киһи дьылҕатын билгэлиир ньымалары түмэр. Онуоха киһи күн, дьыл, үгэс эргииригэр түбэһэ төрөөһүнэ улахан суолталаах.

Дьылҕа, Таҥха, Билгэ айыылар киһи инники дьылҕатын, сайдыытын билэн-көрөн таҥхалыыллар, билгэлииллэр. Билгэ, Таҥха, Дьылҕа билии араас таһымын көрдөрөллөр.

Билгэһит билгэлэргэ (тугу эрэ этэр көстүүлэргэ) болҕомто уурар, билгэлэри таба көрөр, кинилэргэ олоҕуран тойоннуур. Кини өтө этэр идэлээх, тыла оттомноох, учуонайы кытта чугас.

Таҥхаһыт (эмчит, поэт, суруйааччы буолуон сөп) бити билэр, туох буолуон сэрэйэр. Кини ити билиитин киһи итэҕэйэр гына чопчулаан эппэт, быһаччы этэр эбэтэр уоба-растаан кэпсиир.

Дьылҕаһыт (өтө көрөөччү, сэһэнньит, ойуун уо.д.а.) туох буолуоҕун көрөр дьоҕурдаах. Кини ол көрүүтүн көстүү курдук кэпсиэн сөп эбэтэр санаа хаамыытынан бигэргэтэр.

Литература

  • Саха халандаара, 2009, Диодорова-Лаврентьева С.В., "Бичик", 2008.
  • Тэрис Тэрис Айыы Суола. — Дьокуускай: Бичик, 2002. — 160 с.
  1. [[#CITEREFЛ._А._Афанасьев_—_Тэрис2002|Л. А. Афанасьев — Тэрис, 2002]]
  2. Тэрис, 2002

Категориялар