Таҥха

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Таҥха ол эбэтэр "Таҥханы иһиллээһин" диэх сахалар тохсунньу ыйыгар буолар таайар кэмэ. Бу бириэмэҕэ туох буоларын иһиллиэххэ сөп диэн итэҕэйэллэр. Сахалар үгүс таайар ньымалара нуучча норуотун «Святки» бырааһынньыктарын саҕанааҕы сэрэбиэйдэригэр сөп түбэһэр. Таайар ньымалар араас буолар:

Түөрэх быраҕыы, «сыҥаах ойуун»

Былыр түөрэх быраҕыы улаханнык тэнийбитэ. Бараһыайдыыр киһи тугу эмит ыйытан баран ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын, о.д.а. үөһэ быраҕара. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инники дьылҕаларын билгэлииллэрэ. Холобура, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Бу сырыыга булпар баартаах буоллахпына түөрэҕим олоро түс, оттон тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына түҥнэри түс», - дииллэр. Ньуоска умса түстэҕинэ табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар уонна таайааччылар аат эрэ харата «былаҕай» диэн саҥа таһаараллар, оттон ньуоска аһыыр оттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, ити баарды билгэлиир, оччоҕо дьон «туску!» диэн саҥа аллайан, үөрэн үөһэ ууналлар. Маннык билгэлээһиҥҥэ туттуллар мал-сал «түөрэх» диэн ааттанар.

Түҥ былыргы уонна тарҕаммыт таайыы ньымата «сыҥаах ойуун» диэн. Уол эбэтэр кыыс тымтыгы устатынан үс гыммыттан бииригэр диэри хайытар, онно туора эмиэ тымтыгы кыбытар. Ол кэнниттэн бу «сыҥаах ойууну» көмүлүөк оһох холумтаныгар батары анньан баран туора маһын ортотунан уматаллар. Тымтык умайан бүттэҕинэ икки аҥы арахсан, арыый бүтүн өттө туора баран түһэр. Ити тымтык хайа диэки түһэриттэн уол кэргэн ылар кыыһа, кыыс эргэ тахсар киһитэ олорор сирин сылыктыыллар. «Сыҥаах ойууҥҥа» эрдэттэн ыйытыы биэрэн, тугу баҕарар таайыахха сөп. Холобур, «кэтэһэр киһим бүгүн кэлэр түбэлтэтигэр инники муннукка, оттон кэлбэт буоллаҕына ааҥҥа ой» диэхтэрэ.

Ойбон аттыгар таҥха иһиллээһин

Киһи ахсаана төһө баҕарар, ол эрээри чорбоҕо суох буолуохтаах. Кириэстэрин устан баран, хараҥаҕа ойбон таһыгар халыҥ суорҕанынан бүрүнэн чомохтоһон олороллор. Төһө эрэ бириэмэ ааспытын кэннэ атах тыаһа иһиллэр уонна ким эрэ барыларын ыарыылаахтык төбөҕө охсуталыыр. Онуоха ыарыыгыттан уонна кутталгыттан хаһыытыа суохтааххын, оччоҕо инникини кэпсээн киирэн барар.

Сэргэни миинии

Бүргэһи атаҕар шпора курдук кэтэн баран, киһи түүн дьиэттэн кэннинэн хаа-ман тахсар уонна сэргэҕэ кэлэн кохсүнэн сыстан, илиитинэн кууһан туран кэнэҕэс кинини туох күүтэрин туһунан: «Тойон моймор сэргэ! Кэриэс тылгын кэпсээ, аман өскүн амалый!» - диэн кордөһөр уонна атаҕынан тирэнэн сэргэни миинэр. Оччоҕо сэргэ дьигиһийэн, хамсаан киирэн барар. Киһи илиититтэн толө мөҕө сыл-дьар сордоҥу туппут курдук буолар. Кини ити кэмҥэ илиитин ыытыа суохтаах, тирэ-нэн туруохтаах. Оччоҕо сэргэ кэпсээнин саҕалыыр. Кыайан тутуһан турбатах киһи тугу да истибэт, ол оннугар ыалдьыан эбэтэр өлүөн сөп.

Сылгылар кэпсэтиилэрэ

Киһи эрдэттэн окко киирэн саһар. Түүн ол сир аттыгар икки аты аһата баайаллар. Кинилэр биир ийэттэн төрөөбүт атыырдар эбэтэр биирэ хаһаайын киэнэ, иккиһэ айан сылгыта буолуохтаахтар. Сылгылар бастаан кинилэр кэпсэтиилэрин истиэн сөптөөх киһини кырыыллар. Онтон киһилии кэпсэтэн бараллар, ол быыһыгар хаһаайыннарын, кинилэр чугастааҕыларын дьылҕатын билгэлииллэр. Саспыт киһи баарын биллэрдэҕинэ сылгы кырыыһыттан өлөр кутталланар.

Түннүккэ хайаҕаһы үүттээһин

Түүн ыалларын дьиэтигэр тиийэн хотонтон ынах сааҕын эһэр муус түннүккэ эриллэҕэс күлүүс тылынан дьөлө үүттээн хайаҕас оҥороллор. Ол хайаҕаска кулгаахтарын даҕайан, хаһаайыттар кэнэҕэски олохторун туһунан кэпсиир саҥаны истэллэр.

Түннүк анныгар иһиллээһин

Түүн ыалларын түннүгүн анныгар иһиллииллэр. Хаһаайын уола сотору кэминэн ойохтонор буоллаҕына иһиллээччи бөрө улуйар саҥатын, оттон кыыһа эргэ тахсар түбэлтэтигэр ыт үрэрин истэр. Дьахтар төрүүрүгэр чыычаах ыллыыр. Ким эрэ бу дьонтон өлөр буоллаҕына дьиэни сиппийэр эбэтэр хаптаһынынан уһанар тыас иһиллэр.

Хаары сиидэлээһин

Киэһэ сэргэни тула хаары сиидэлээн куталлар. Сарсыарда эрдэ туран ити хаары көрдөххө, араас суол-иис хаалбыт буолар. Сиидэлээбит киһи байыах буоллаҕына хаарга кулунчук, торбос туйаҕын суола көстөр. Оҕо төрөөрү гыннаҕына оҕо атаҕын суола, оттон өлүүгэ түбэһиэх буоллаҕына хоруоп эбэтэр киһи уҥуоҕа көстөр.

Этэрбэс (саппыкы) «хаамара»

Балаҕан аанын утары ортоку оронтон этэрбэһи ааҥҥа диэри хаамтараллар. Ол аата этэрбэс тумсун эбэтэр тилэҕин ортотуттан тутан, тилэх уһаты кээмэйинэн мээрэйдээн эргитэн, тилэҕин эбэтэр тумсун солбуһуннары уурталаан көнөтүк аан боруогар диэри тиийэллэр. Этэрбэс боруокка тумсунан тиийдэҕинэ кэтэр киһитэ сотору кэминэн өлөр, оттон тилэҕинэн буоллаҕына өлүөр хаалар.

Суол аттыгар лабаалары туруортааһын

Сүөһү уулатар ойбоҥҥо барар суол аттыгар киэһэ талах лабааларын дьиэҕэ баар киһи ахсаанынан ааҕан хаарга туруору анньаллар. Сарсыарда көрдөхтөрүнэ, ыарыыга хаптарар киһи лабаата хоҥкуйбут эбэтэр бүк түспүт буолар. Оттон чэгиэн киһи талаҕын лабаата биир кэм турар.

Хорҕолдьунунан таайыы

Ууга ууллубут хорҕолдьуну куталлар. Хорҕолдьун кытаатарыгар элбэх чааска араҕыстаҕына уулларбыт киһи өлөрүн, оттон биир кэлимсэ буола кытааттаҕына киһитэ этэҥҥэ олоруоҕун билгэлиир. Хорҕолдьун ортокута бүтүн куһуок уонна тулатыгар ооҕуй оҕустуу элбэх салаалардаах буолар түбэлтэтигэр ол киһи ыччаттардаах буолар.

Киһи уҥуоҕун миинии

Улахан күөл таһыгар баар чардааттаах киһи уҥуоҕун үрдүгэр тахсан олороллор. Ууттан бу кэмҥэ иччитэх дьиэлэргэ уонна киһи уҥуохтарыгар олохсуйа элбэх сүллүүкүн тахсан, бэйэ-бэйэлэрин кытта туох буолуохтааҕын туһунан кэпсэтэллэр. Ону үөһэ олорор киһи истиэхтээх.

Ууга сабынан таайыы

Уоллаах кыыс холбоһоллор дуу суох дуу диэн таайаллар. Икки синньигэс иҥиир утахтарын иһиккэ кутуллубут УУ үрдүгэр кэккэлэһиннэри уураллар. Утахтар бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан эриллэллэр, ол аата ыал үөскүүр. Оттон арахсар буоллахтарына утахтар чиэрбэ курдук хамсыы-хамсыы тус-туһунан бараллар. Ыччаттар дьээбэлэнэн, утахтар хамсаныыларыгар уол уонна кыыс майгыларыгар, тутта-хапта сылдьалларыгар майгынната көрөн күлэллэр-үөрэллэр. Ордук суус тыллаах киһи баар буоллаҕына араас бэргэн тылы быраҕан, дьону уҥа-уҥа күлүөхтэригэр диэри саататар. Холобур: «Оойуут!.. Уолбут сирэн атын сир диэки олоҥнуу, куоҕаҥныы, хончоҥнуу турда дии!.. Ээйиис!.. Аны кыыспыт эҥин-эҥин буолан сөрүөҥнүү, мунньаҥныы, дьибилиҥсэлэнэ сытар дии!..».

Суорунаны эргитии

Аһаҕас эттээх киһини өлбүт буолан кубулунарга тылларыгар киллэрэллэр. Сөбүлэспит киһи сэрэбиэй буолуо үс түүн иннинэ «ыалдьан» киирэн барар: тэллэххэ-суорҕаҥҥа сытан ынчыктыыр-бөтүөхтүүр, кэриэс тылын этэр, ол кэнниттэн үһүс күнүгэр «анараа дойдуга барар». Кинини аан боруогун аттыгар ороҥҥо сытыараллар. Орон тоботүн аннынан сиппиири, атаҕын диэки хобордооҕу, орон тоботүн аттыгар уулаах чааскыны уураллар. «Бокуонньуктан» тимири (кириэс, биһилэх) барытын усталлар. Онтон маҥан таҥаһынан сабан баран, онно бокуонньук олүнньүгүн тикпит үс иннэлэрин анньаллар. «Бокуонньук» өссө олүон иннинэ дьиэлээхтэр ытыыллар-соҥууллар, аан аттыгар хоруоп маһын бэлэмнииллэр. Бокуонньугу харалаах аас тэллэххэ сытыаран, үөһэ этиллибитин курдук оҥорон баран, таҥара мэтириэтинэн сабаллар, оһох уотун күлүнэн саба бүрүйэллэр. Хараҥарар. Бары саҥата суох олороллор. Инники дьылҕаларын ыйытыан баҕарааччылар кырдьаҕаһыпан саҕалаан биир-биир уочаратынан суорунаҕа чугаһыыллар. Кэлбит киһи «олбүт» киһи аттыгар туора соҕус турар суорунаны эргитэр. Ол кэмҥэ эргитэр киһи суорунаны кэпсииригэр кордоһор. Тыас-уус, кыыкырдааһын боҕото буолар. Онтон үоһээҥҥи таас эргитэргэ чэпчэ-эн хаалар, чыыбыгырыы-чыыбыгырыы, хабырына-хабырына, иҥиэттэ-иҥиэттэ оро лаһыгырыы түһэн баран, кэпсээн барар. Эргитэ турар киһи дьылҕатын туһунан «өлбүт» киһи эрэ истэр.

Бүргэһи сүүрдүү

Хобордоох түгэҕэр туойунан ортотугар кыра төгүрүгү оҥороллор. Ити төгүрүктэн хобордоох кытыытыгар диэри «суоллары» ыыталлар. Бүргэс тугааҕар иннэни анньаллар. Иннэҕэ сап уган ба-ран бүргэһи хобордоох оруобуна орготун үрдүнэн туһаайан сабыттан тутан турал-лар. Бүргэһи хамсатыа суохтааххын. Ол эрээри сотору кэминэн бүргэс син биир хамсаан киирэн барар. Хайа диэки суолга түбэһэриттэн киһи дьылҕатын билэллэр. Илин диэки Иэйэхсит суолугар түбэстэҕинэ таайааччы элбэх оҕолонуохтаах. Оттон арҕаа «абааһы суолугар» хайыстаҕына таайар киһи өлүөн сөп. Хотугулуу-арҕаа, дьаҥ-дьаһах төрдүгэр - ыалдьар диэн буолар. Маятник хоту «оттуур-мастыыр суолу» ыйдаҕына киһи дьадаҥы буолар. Хотугулуу-илин сайыҥҥы күн тахсар сиригэр, ынах сүөһү таҥараларыгар хайыстаҕына сүоһүнэн байыа. Оттон соҕуруулуу-илин сылгы таҥарата Күрүө Дьөһөгөйгө тириэрдэр, кыһыҥҥы күн тахсар суолугар түбэстэҕинэ сылгыта дэлэйиэ.

Ылыллыбыт сирэ

  • Таҥха. Елена БАИШЕВА А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Научнай үлэлэр» кинигэтиттэн тылбааһа. "Ил Түмэн" хаһыат, 2009, 1№
  • ТАҤХА ХААН; Таҥха; Дьылҕа Хаан. Иранистка М.Бойс, 86стр: "После падения империи Ахеменидов зурванизм оказался преобладающей формой зороастризма в некоторых провинциях, на западе, но он господствовал также среди согдийцев, далеко на северо- востоке"... (Ол сахтарга Ирээн импиэрийэтин хотулуу- илин өттүгэр сакилар олорбуттара)... "Такое широкое распространение предпологает, что зурванизм получил поддержку трона, то есть, что последние Ахемениды сами были приверженцами этой ереси",- диэн суруйбута. Ол түмүктэригэр: Ирээҥҥэ Ахура Мазданы Дадва ("творец") диэн ааттыыр буолбуттара,- диэбит. Ол эрээри, Дадва өйдөбүлэ "судьба”,- диэн суолталааҕа көстөр. Зурванизм туһунан аҕыйах тыл. Зурван ("кэм" божествота) игирэлэри төрөтөр: 1. Ангро- Майнью демоны (кэлин Ахриман дэнэр) уонна Ахура Мазданы (кэлин Ормазд дэнэр). Дьэ, ол иһин олоххо үтүө да, мөкү да баар буолбута. Зурван божество Ахура Мазданы Орто дойдуга саҥа үөскүүр- төрүүр хамныыр хара дьылҕатын- төлкөтүн кээмэйдээччинэн аныыр. Өссө, ол кэмнээҕи зороастр итэҕэлин саҥардыллыбыт ыйынньыгыттан көстөрүнэн (М.Бойс,87стр): күн муҥутаан кылгыыр кэмнэригэр Атар божествоҕа аналлаах туомнары нөрүөн нөргүйэ толороллоро. Аны, һаха өйдөбүллэрин көрүөҕүҥ: 1./ Таҥха хаан,- диэн Айылҕа хамныыр харатыгар, кынаттаах көтөрүгэр, устар балыктарыгар; ону таһынан үөн- көйүүр, үөн- күрдьэҕэ харамайдарыгар, олох олорор кэми кэмнээн- кэрдиилээн биэрээччи Айыы. 2./ Таҥха Хаан таҥхата,- диэн айылҕа хамныыр харатыгар, кынаттаах көтөрүгэр, устар балыктарыгар; ону таһынан үөн- көйүүр, үөн- күрдьэҕэ харамайдарыгар, Таҥха Хаан олох олорор кэми кэмнээн- кэрдиилээн кээмэйдээн биэриитэ. 3. /”Таҥха иһиллиир” үгэстэр кэмэ,- диэн, күн муҥутаан кылгыыр кэмнэригэр, һаха Таҥха таҥхатын билэргэ; уларытарга; аналы кэмигэр буларга көмөлөһөөрөй диэн "таҥха иһиллиир" кэмэ. (“Таҥха иһиллээһин” ахсынньы ый бүтүүтэ, күн муҥутаан кылгыыр кэмнэригэр, буолара). Көрөргүт курдук: ДАДВА һахаҕа ТАҤХА ХААН диэн ааттаммыт; уонна күн муҥутаан кылгыыр кэмнэригэр ыытыллар Атар (һахаҕа Аал Уот) божествоҕа аналлаах туом быыстарыгар- арыттарыгар ыытыллар инники дьылҕаны көрүү- билгэлээһин туомнара: һахаҕа "Таҥха иһиллиир" диэн ааттаммыт эбит. (Биллэн турар, ол үгэстэр кэлин олох хаамыытыгар сөб түбэһиннэриллэн истэхтэрэ дии). Дьэ, ити курдук: Күн муҥутаан кылгыыр кэмнэригэр Аал Уоту күүскэ оттон хараҥа күүстэртэн көмүскэниллиэхтээх уонна Үрдүк Айыы хараҥа күүстэри, абааhылары утары охсуhуутугар көмөлөhүллүөхтээх. Ити туом быыстарыгар-арыттарыгар инники дьылҕаны көрүнүү, билгэлээhин (таҥхалааһын) үгэстэрэ үөскээбиттэр, эбит. Дьэ, ити түҥ- таҥ барыы кэмигэр, итэҕэлгэ туох уларыйыы киирбитэй? Ону биһиги һахаҕа баар божестволартан, өйдөбүллэртэн сирдэтэн көрүөҕүҥ: ААР. М.Бойс: “Арамазд, верховное божество, создатель неба и земли. Его эпитет- "ари" (мужественный). Пришел в Арменик, возможно, в 6-5 вв. до х.э. при Ахеменидах”,- диэн суруйар. Дьэ, һаха аар диэн өйдөбүлэ итини кытта удьуордаах. /Бетлинг: Аар, лучший в своем роде; Аар мас; Аар тойон./ Өссө көр: Таҥха Хаан. ААР АЙЫЫ; Үүт тэҥэлэй былыт олбохтоох, үүт- аас бэйэлээх ААР АЙЫЫ. Өссө, Үрдүк айыы; Айыы хаан; Үрүҥ айыы тойон ,- диэн ааттарынан биллэр. (Кини Ан, шумер “небо”; Ану, аккад, одно из центральных божеств, бог неба. Во второй половине правления Ахеменидов Ану становится ативным верховным божеством города Урук, отождествляясь с Элах- шемаййа (“бог небес”),- диэн божествоттан удьуордаах). Ахура Мазданы Вавилон Ану+ Эллиль (һаха Аар Айыы+ Сүҥкэн Эрили Хотой Айыы) божестволара солбуйбут эбиттэр (устуорук И. .М. Дьяконов: “х.э.инн. 2-с үйэҕэ Ану+ Эллиль инники күөҥҥэ тахсыбыттара”,- диэн этэрэ ). Ахура Мазда аатын уларытан, ис дьиҥэр намтатыы түмүгэр, үөскээбит “Дадва” божество сахаҕа “Таҥха” дэнэр буолбут. Бүтэһик Ахемениидтэр саҕана импиэрийэ иһигэр олох оннун- тойун булбута. Ирээҥҥэ, Вавилоҥҥа элбэх омук, олор истэригэр сакилар түөлбэлэрэ олоҕурбуттара. Вавилон куорат импиэрийэ өйүн- санаатын, итэҕэлин, сайдыытын биир сүрүн киининэн буолбута. Ол туоһутунан: Мокудуон тоҕо ааҥнаан киирбитигэр Вавилон олохтоохторо улаханнык утарсыбыттарын иһин куораты олох күл- көмөр оҥорбута,- буолар. Онтон, Гавгамелаҕа хотторуу кэнниттэн, сакилар Мокудуон баһылааһынын билиммэккэ, Бүтбэт Далаттан олох тахсыбакка олорбуттара. Салгыы, х.э.инн.174-165сс сюн-нулар саба түһэн; хотон, сакилар быһар быһаҕастарын бэйэлэригэр холбонон Цинь Улуу эркинигэр илдьэ тахсыбыттара. Итинтэн салгыы, кыайыы да, хотторуу да аргыстаах олох олорон, тиһэҕэр һаха омуга Илин эбэ кытылыгар киирбитэ. Дьэ, саха номоҕун сорох персонажтара, өйдөбүллэрэ бүтэhик Ахемениидтэр кэмнэринээҕи зурванизм уонна Вавилон итэҕэлин сорох өйдөбүллэригэр (дьүрү ааттарыгар тиийэ) дьүөрэлэһиилэрин кистэлэҥэ итиннэ сытар. Быһаарыылар: М.Бойс. Зороастрийцы. Верования и обычаи. Центр “Петербургское Востоковедение”. Санкт- Петербург. 1994. Таҥха хаан; Дьылҕа Хаан. Айылҕа хамныыр харатыгар, кынаттаах көтөрүгэр, устар балыктарыгар; ону таһынан үөн- көйүүр, үөн- күрдьэҕэ харамайдарыгар, олох олорор кэми кэмнээн- кэрдиилээн биэрээччи Айыы. Таҥха хаан, һаха төрүт өйдөбүлүттэн көстөрүнэн, Аар Айыы Тойону утары даҕаны, тэҥнии даҕаны тутуллубатах. Таҥха Хаан таҥхата. Айылҕа хамныыр харатыгар, кынаттаах көтөрүгэр, устар балыктарыгар; ону таһынан үөн- көйүүр, үөн- күрдьэҕэ харамайдарыгар, Таҥха Хаан олох олорор кэми кэмнээн- кэрдиилээн кээмэйдээн биэриитэ. Таҥха иһиллиир” үгэстэр кэмэ,- диэн, күн муҥутаан кылгыыр кэмнэригэр, һаха Таҥха таҥхатын билэргэ; уларытарга; аналы кэмигэр буларга көмөлөһөөрөй диэн "таҥха иһиллиир" кэмэ. (“Таҥха иһиллээһин” ахсынньы ый бүтүүтэ, күн муҥутаан кылгыыр кэмнэригэр, буолара). Ичээн. Һахаҕа ичээн диэн дьөһүөлдьүт баара дииллэр. (билигин даҕаны: “дьэ, эмиэ ичээмсийэн барда”,- диибит ээ.) Итинтикэбит, Вавилонтан төрүттээх./Иччи,- диэн тылга- өйдөбүлгэ маарынныыр, ээ. Нөрүйэн.Үрэх икки кытылынан нөрүйэн турар таас хайалар. Нөрүөн- нөргүйэ.(Храмовый огонь зороастрийцев горел постоянно. Ему поклонялись молитвой Аташ- Нийайеш, обычной молитвой огню,- диэнтэн удьуордаах. /Аташ= һахаҕа Аал Уот. Һаха төрүт өйдөбүлүнэн: Үрдүк Айыылары кытта ситимниир туом аата; Сүгүрүйэн,- диэн суолтаҕа. /Көр: Таҥха хаан; Ас аһатыы. Иччи; Иччилэр. Һаха: хамныыр хара, көстөр- көстүбэт эйгэ барыта тус бэйэ сылдьар ыырдаах диэн өйдөбүллээҕэ. Дьэ, ол ыырдар- эйгэлэр киһи олоҕун эйгэтин кытта алтыһыннарар, ситимниир сирдэрин ороон (орой) диэн ааттыыллара. Уонна ол орооннорго ол эйгэлэр олохтоохторун- "иччилэри" олохтообут буолуохтаахтар. Араҥалаатахха: көстөр- көстүбэт эйгэни киһи олоҕун кытта алтыһыннарар, ситимниир орооннорго аарыыр, абырыыр да алдьатар да кыахтаах айыы да абааһы да икки ардынан айылгы "иччи" диэн ааттанар. Санаан көрдөххө: былыргы киһи атын эйгэ олохтооҕо быгыахтаата дии санаатаҕына уонна мооруктаабатын туһугар аартыктарга, орооннорго бэлэх уурара буолуохтаах. Ол өйдөбүлтэн сыыйа- баайа эгэлгэ туомнар, үгэстэр үөскээтэхтэрэ. Көр: Аартык; Ороон; Аал Уот иччитэ; Айыы итэҕэлэ; Албын түөкэй. Уот иччитэ. Сахаҕа иччи диэн тыл- өйдөбүл, этэргэ дылы, хас хардыы аайы баар. Биhиги ол өйдөбүллэри хозяин, дух уонна злой дух диэн бөлөхтөргө араарыаҕыҥ. Салгыы ити бөлөхтөртөн хайаларыгар эрэ сөб түбэhэр өйдөбүлү көрдүүбүт. Холобура, дух бөлөххө Аккад мифологиятыгар ишум диэн баар эбит: "брат солнечного бога шамаша (уту), советчик и посол подземного бога Нергала. Старается смягчить ярость эрры (ыарыы). Охраняет людей, особенно больных в ночи". Ишум, көстөн туран, "дух огня " диэн суолталаах. Сахаҕа "Уот иччитэ эттэ” диэн өйдөбүл билигин да баар. Ити "сүбэлээччи- амалааччы” диэн өйдөбүлтэн үөскүүр. Итини таһынан былыр Уот иччитэ һаха киһитин көмүскэhээччитэ- харыстаһааччыта этэ эбээт. Онон һаха бары “иччи” өйдөбүллэриттэн "Уот иччитэ” аан бастакы дьиҥнээх өйдөбүл эбит. Уоннааҕы иччи өйдөбүллэр "Уот иччитэ” өйдөбүлгэ маарыннатан хойутуу үөскээбиттэрэ.