Таас бас
Таас бас, Баҕа балык, Лааха эбэтэр Быдьар балык (лат. Cottus sibiricus Kessler, нууч. Сибирский подкаменщик) — улахан төбөлөөх, суптугур кылгас эттээх, хатырыга суох, түөһүгэр улахан, сарбайбыт лапчааннардаах кыра сиэмэх балык. Лаапчааннарынан уу түгэҕиттэн тутуһар, хаамар уонна былыыкка көмүллэр. Сороҕор хаахынайы кытта буккуйаллар. Өлүөнэ тардыытыгар 10 сыл олорор диэн суруйаллар, Ангарааҕа - 9 сыл.
Тарҕаныыта
Саха сиригэр элбэх өрүстэргэ уонна үрэхтэргэ үөскүүр. Киэҥник ыллахха Хотугу Муустаах байҕалга түһэр өрүстэргэ (Обь, Иртыш, Енисей, Ангара салаалара, Өлүөнэ, Дьааҥы). Дьааҥыттан илин көстүбэт.
Тас көстүүтэ
Бөдөҥө
Саамай улааппыта Өлүөнэ өрүскэ көстүбүт: уһуна 158 мм, ыйааһына 61,8 г. Үксүн 7 см ууһуннаах, 8 г ыйааыннаах биэстээх балыктар көстөллөр эбит (Гундризер уо.а., 1981; Богданов, 2000). Ортотунан кыра кээмэйдээх, устата 12 см. Саха сиригэр 53 см уонна 5 киилэҕэ дылы улаатара биллэр диэн арааһа алҕас суруллар быһыылаах[1].
Ойуулааһын
Көннөрү таас бастан Сибиир таас баһа маннык уратылардаах: өрөҕөтүн лаапчааннара эмэһэтин үүтүгэр тиийэллэр, ол лаапчааныгар туора хараҥа сурааһыннара суох. Этэ-сиинэ уһун. Төбөтүн, көхсүн, ойоҕоһун тириитэ хойуу уҥуох инньэлэрдээх. Өҥө бороҥ, кыра хараҥа эбирдэрдээх. Лаапчааннара туора хараҥа сурааһыннардаахтар. Төбөтө саллаҕар, төбөтүн кэтитэ үрдүгүнээҕэр арыый кыра. Айаҕа улахан. Тиистэрэ бытархайдар. Хараҕа кыра, бэйэ-бэйэтиттэн тэйиччилэр. Көхсүн лаапчааннара силлиһэ сылдьаллар.
Олохсуйар сирэ
Таастаах сирдэри сөбүлүүр. Саас ыыр сиригэр (чычаас, аһылыктаах сиргэ), күһүн кыстыыр сиригэр (дириҥҥэ) көһөр.
Аһылыга
Веснянка, поденка уонна ручейник личинкалара, гаммарида. Улааппыт балык атын балык ыаматын сиир. Бултуур ньымата - саһа сытан. Таас быыһыгар сытан, уу былыыгын дэлби көбүтэр. Онто көхсүн үрдүгэр сөҥөн былыыгынан бүрүллэр уонна дьэ булдун кэтэһэн өр хамсаабакка сытар. Үрдүнэн кыра балык үөрэ устан аастаҕына, баҕа балык эмискэ ыстанан, биир балыгы тутан ылан ыйыстан кэбиһэр уонна эмиэ саһан сытар.
Ууһааһына
Өлүөнэҕэ 5-6-с сааһыгар ситэр (Ангарааҕа 4-5 сааһыгар). Искэҕэ 209-614 туорахайдаах. Ыыр кэмэ сааскы халааны уонна муус барыытын кытта сөп түбэһэр. Искэҕин таас алын өттүгэр ыыр. Атыыра искэхтэрин харабыллыыр эбит[2].
Суолтата
Бултаныллыбат көрүҥ. Алыһар уонна бил аһылыгар улахан суолталаах (Богданов, 2000). Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар[3] "амтана хатыыска маарынныыр гынан баран куһаҕан көрүҥнээх" диэбиттэр.