Сүүс (ахсаан)
100 (сүүс) — дьиҥ уонна төгүрүк ахсаан, 99 уонна 101 икки ардыларыгар турар ахсаан, ааҕыы уоннуулаах систематыгар үс бэлиэлээх ахсааннартан аччыгыйдара.
Математикаҕа
- 10 квадрата.
- 10100 — гугол.
- Бастакы судургу тоҕус ахсаан суумалара: 100 = 2 + 3 + 5 + 7 + 11 + 13 + 17 + 19 + 23.
- Лейланд ахсаана — 26 + 6² = 100.
Билимҥэ
- Фермий атомнай нүөмэрэ.
- 100 °C — Цельсий шкалатынан, сөптөөх усулуобуйаҕа уу оргуйар температурата.
Атын эйгэлэргэ
- 100 саас — үйэ уһуна.
- Сыл 100-с күнэ — муус устар 10 күнэ (ордук хонуктаах сылга — муус устар 9 күнэ).
- 100 Рублей.png
100 солкуобай, 2014 сыл
Саха фольклоругар
Өс хоһоонноро
- Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.
- Сүтүктээх сүүс айыылаах, оҥорбут соҕотох айыылаах.
Таабырыннар
- Быыкайкаан сүөһү сүүс көмүс манньыаты сүгэ сылдьар үһү (собо).
- Сүүс сыл олорор баар үһү (тиит мас).
- Сүүнэ нүһэр тайах сүүс үрэх үрдүнэн сүүрэн лүһүгүрүүр үһү (этиҥ).
Бу ахсааҥҥа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |