Сэйимчээн
Сэйимчээн (нууч. Сеймчан) — бөһүөлэк, Магадан уобалаһын Среднекан оройуонун киинэ.
Сэйимчээн үрэх Халымаҕа түһэр сиригэр турар.
Нэһилиэнньэтин ахсаана 2,8 тыһ. киһи.
Устуоруйаттан
- Манна Гражданскай сэрии кэмигэр саха бөлүһүөгэ, саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй олоро сылдьыбыта.
- Сэрии кэмигэр байыаннай аэродром баара, Америкаттан ленд-лииһинэн Арҕаа фроҥҥа барар сөмүлүөттэр түһэн ааһаллара.
- 1949 сылтан 1955 сылга диэри Сеймчааҥҥа Юзлаг диэн Дальстрой хаайыытын салалтата баар этэ.
Хаайыылаахтар тутууга, көмүс уонна хорҕолдьун хостооһуҥҥа үлэлээбиттэрэ.