Сылгы ньургуһуна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сылгы ньургуһуна

Сылгы ньургуһуна эбэтэр Куба кулгааҕа (лат. Anemone, нууч. ветреница лесная)

Биэс эминньэхтээх, үрүҥ сибэккилээх, туурата суох тула өттүгэр сарайбыт биир сиртэн тахсар сэбирдэхтэрдээх. Алааска, кураанах сиргэ, тыа саҕатыгар, үрэх кытыытыгар үүнэр. Бэс-от ыйдарыгар сибэккилэнэр[1].


Туттуллуута

Бу үүнээйи Кутургуйа, түөллүгэн таҕыстаҕына, бастаан отун оргутан угуттууллар, оттон тэһиннэҕинэ, сайҕыыллар, оччоҕо түргэнник оһор. Итини таһынан тирии ыарыытыгар (парша, рожа) эмиэ ити курдук туһаныахха сөп.

Быһаарыылар

  1. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта.VII туом, Новосибирскай, Наука, 2010

Туһаныллыбыт сирдэр

  • К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1