Сугун абаҕата

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сугун абаҕата

Сугун абаҕата (лат. Lédum palústre, нууч. багульник болотный) — маарга, мыраан сииктээх тэллэҕэр, намыһах сиргэ үүнэр үүнээйи. Сугуну кытта кэккэлэһэ үүнэрин иһин маннык ааттаабыттар. Бу үүнээйи ураты сыттаах буолар. Кыһыннары-сайыннары хараҥа от күөҕэ өҥнөөх буолар, уһун синньигэс сэбирдэхтэрэ мастыйбыт умнаһын төгүрүччү үүнэллэр. Умнаһын төбөтүгэр үрүҥ эбэтэр тэтэркэй сибэккилэрдээх. Бэс, от ыйыгар сибэккилэнэр.

Эмтэнэргэ туттуллуута

Сугун абаҕатын үксүн сөтөлгө, бронхикка, улахан дьон бронхиальнай астматыгар тутталлар. Ыарахан дьахталлар, кыра саастаах оҕолор бу үүнээйинэн эмтэнэллэрэ бобуллар. Сугун абаҕатын иэрийэн сөтөллүүгэ, солотуохаҕа, ревматизмҥа былыр-былыргыттан тутталлар.

Кулахыны, сахсырҕаны, былахыны суох оҥорорго бу үүнээйи сэбирдэҕин мэлийэн түптэлииллэр. Таҥаһы, түүлээҕи үөнтэн-көйүүртэн көмүскээн, сугун абаҕатын хопполорго, долбуурдарга уураллар.

Сүһүөх, тоноҕос дьарҕатыгар ынах арыытыгар эбэтэр ис сыатыгар оту булкуйан, ыга хаппахтаан, 2—3 чаас устата сылаас сиргэ күҥкүтэн баран, сиидэлээн соттон эмтэниллэр.

Туһаныллыбыт сирдэр

  • К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1