Сахалар тустарынан номохтор

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ол курдук Сэһэн Боло Омоҕой уонна Эллэй кэлиэн иннинэ саха, сахалар диэн уhун, ньолбоҕор сирэйдээх, синньигэс бииллээх, өттүгэ суох төрүт олохтоох уус дьоно бааллара диэн сэhэни суруйан хаалларбыт. Эмиэ балыктаан уонна бултаан аhаан олорбуттара ахтыллар. Онон бу сахалар сортоллору кытары маарынныыр өрүттээхтэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Олус элбэх ахсааннаахтара дэнэр. Хантан кэлбиттэрэ, ханна сүппүттэрэ олох сэhэн буолбат эбит. Сорох былыргы сэhэннэргэ саха төрүттэрэ соҕурууттан кэлиилэригэр, тоҥустары сэргэ сахалар диэн төрүт омук олорбута диэн кэпсэнэр. Тоҥустар халыҥ омук эбиттэр, сахалар кыра, мөлтөх уус дьоно буолаллара диэн кэпсээн буолар. Омоҕой дьонун кытта, өр кэм бииргэ олорон иhэн симэлийэн сүппүттэрэ кэпсэнэр. Эллэй соҕурууттан кэлэригэр олохтоох “ураанхай саха” омугу көрсүбүтэ диэн буолар. Омоҕой дьоно Өлүөнэҕэ кэлэн баран, урааҥхай кыргыттарын кэргэн ылан “саха ураанхай” диэн аатырбыттара диэн эмиэ баар. Хаҥалас улууhун кытыытыгар аҕыйах киhилээх туспа Сакаитская диэн буолас XVII үйэҕэ баара бэлиэтэммит. Онон саха төрүттэрэ кэлиэхтэрин иннинэ туспа саха диэн ааттаах, туора омук баар буола сылдьыбыт буолуон сөп курдук. Үс саха удьуора, түөрт саха төрдө диэн мээнэ этиллибэт буолуохтаах. Саха омук үөскээhинигэр тус-туспа сиртэн төрүттээх саха диэн ааттаах үс туспа омук кыттыспыт буолуон эмиэ син.