Санаайа
Попова Галина Семеновна - Санаайа (1949) - этнопедагог, педагогика билимин кандидата, ХИФУ дассыана, ХИФУ культурология5а кафедратын профессора, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, I Тыыллыма нэһилиэгин, Муома улууһун Ытык киһитэ.
Олоҕун олуктара
1949 с. II Хаптаҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1974 с. Саха госуниверситетын физико-математическай факультетын бүтэрэн, физика учууталын идэтин ылбыта.
1974 сылтан 27 сыл устата Муома улууһугар үөрэх тэрилтэлэригэр үлэлээбитэ: физика, математика учуутала; улуустааҕы үөрэх салаатын методиһа; оскуола дириэктэрин наукаҕа солбуйааччыта, этнопедагогика кэбиниэтин сэбиэдиссэйэ; «Кыыс Куо», педагогика, оонньуу технологията предмет учуутала.
2001 - 02 сс. үөрэх дьылыттан ыла СГУ саха филологиятын уонна культууратын факультетыгар Культурология кафедратын доцена, 2007 с-н профессора.
1998 с. «Саха дьоно оҕотун дьиэҕэ иитэр үйэлээх үгэһэ (Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу улуустарыгар)» диэн тиэмэҕэ кандидаат диссертациятын көмүскээбитэ.
Бу тиэмэҕэ иҥэн-тоҥон киирэн, үөрэх программаларын суруйар, Муомаҕа, Абыйга, Мэҥэ-Хаҥалас икки нэһилиэгэр, о.д.а. сирдэргэ эксперименниир үлэни ыыппыта, «Хомуһун» диэн оҕо-ыччат уһуйаан-студиятын салайар, Дьокуускай куоракка «Айыы кыһата» диэн сахалыы үөрэтэр оскуоланы тэрийсэн, оҕолору үөрэппитэ.
Г.С.Попова-Санаайа аата республикаҕа киэҥник биллэр: Оскуола оҕотун олоҥхоҕо уһуйуу. Дьокуускай куоракка саха оҕотун төрөөбүт тылынан үөрэтии. Сахалыы хайысхалаах «Айыы кыһата» оскуола концепцията, Авторскай куурус, сэминээр. "Ийэ тыл" көҥүл түмсүү. Элбэх конференция, куонкурус - барытыгар кини көхтөөхтүк кыттар.
Элбэх кинигэ автора: «Воспитание детей у народа саха» (1998), «Айылҕа ситимэ» (2000), «Национальнай оскуола концепцията: культурологическай ырытыы» (2003), «Итэҕэл» (2003), «Төгүрүк сыл түһүлгэтэ» (2003), «Ис хоһоон» (2004), «Киһитийии сэһэнэ» (2006), "Айылгы" (2010), "Методы чтения текста олонхо=Олоҥхону ааҕар ньыма" (2010), "Мандар кыһатын культурологиялыы төрүттэрэ" (2018), "Борис Попов-Барылҕан" (2018) о.д.а.
Республикатааҕы араадьыйаҕа төрүт культуура, оҕону сахалыы иитии туһунан "Төрүт түһүлгэ" биэриини ыытар, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэр[1].
1. Төрүт үгэс сайдар тосхоло. Мүрү. "Мюрюнская заря", 1997-44с 2. Национальнай оскуола концепцията: культурологическай ырытыы.Дьокуускай, 2003-38с 3. Төгүрүк сыл түһүлгэтэ. Дьокуускай: СГУ издательствота, 2003-83с 4. Ис хоһоон. Дьокуускай: СГУ издательствота, 2004-172с 5. Муҥха олоҥхото.Дьокуускай: Бичик, 2010-184с 6. Триединство в духовной культуре этноса (на примере саха) : монография /Г.С.Попова-Санаайа под научным редактированием Е.П.Борзовой/ СПб: Астерион, 2010-346с 7. Локальные традиции эпоса олоҥхо (на примере Мегинского улуса). Якутск: "ДаниАлмас", 2013. - 144 с.
Наҕараадалара
- СР үөрэҕириитин, профессиональнай үөрэхтээһинин, култууратын Туйгуна.
- Муома улууһун бочуоттаах гражданина.
- Лоомтука (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа) нэhилиэгин бочуоттаах гражданина
Быһаарыылар
- ↑ "Ийэ тыл" көҥүл түмсүү 12 сыла. Эрэдээктэр Т.И. Петрова, Дьокуускай, 2007