Приклонскай Иван Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Приклонскай Иван Васильевич - 1681 сылтан 1984 сылга дылы Саха сирин бойобуодатынан ананан үлэлээбит киһи, стольник[1].

Бу киһи иннинэ бойобуоданан Бибиков Фома Иванович олорбут. Кини кэнниттэн бойобуоданан Кровков Матвей Осипович анаммыт.

Приклонскай 1680 сыллаахха Арассыыйаҕа саҕаламмыт реформаны Саха сиригэр ыыта кэлбитэ. Сүрүн соруга - Дьокуускай остуруогун байыаннай-административнай уокурук киинигэр - куоракка - кубулутуу. Бу киһи Дьокуускайга 1684 сыл ыам ыйын 24 күнүгэр дылы үлэлээбитэ.

хаҥаластар Дьэнник салалталаах түмүллүүлэрин үлтү сынньар. Дьэнниги бэйэтин куоракка аҕалан өлөттөрөр.

1685 сыллаахха сиэри-майгыны аһара кэспитин иһин кинини митрополит Павел сууттатан турардаах[2].

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. Саха сирин энциклопедията, Москуба, 2000
  2. Дьокуускай хаһан куорат дэммитэй? А.Павлов-Дабыл, Кэскил хаһыат, 2.10.2012