Поллок Джексон

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Поллок Джексон
Билэ:Painted Bollard, Winchester 04.jpg
Поллок истиилинэн уруһуйдаммыт туумба.
Билэ:Pollock-tomb.jpg
НьюЙорк штатыгар Спрингс куоракка Ривер Грин киһи уҥуоҕар Джексон Поллок тааһа

Поллок Джексон (ааҥл. Paul Jackson Pollock; 1912 сыл тохсунньу 28 – 1956 сыл атырдьах ыйын 11) XX үйэ иккис аҥаарын ойуулуур ускуустубатыгар бөдөҥ сабыдыалы оҥорбут Америка уруһуйдьута, абстрактнай экспрессионизм диэн салаа идеолога уонна салайааччыта.

Кини уруһуйдара абстрактнай экспрессионизм иһин киэҥник биллибиттэр. Олус биллэр үлэлэлэрэ кырааска тохтон түспүтүнэн оҥоһуллубут. Кини хос аата "Джек Дриппер" (тохто сылдьар) диэн эбит. Ол ньыматын иһин дьон "хамсаныы уруһуйа" диэн ааттаабыттар. Поллокка кэргэнэ уруһуйдьут Лии Краснер көмөһөр эбит, уонна ол бириэмиэҕэ бэйэтэ истииллээх этэ.

1945 сыллахха Лии Краснер диэн ааттах уруһуйдьуту кэргэн ылбыт, кини карьератыгар уонна наследиятыгар улахан сабыдыалы оҥорбут. [1]

Поллок 44 саастааҕар итирик сыльдьан массыынанан авариятыгар түбэһэн өлбүт. Тэйт музейыгар ааспыттар.[2][3]

Эд Харрис толорбут, уонна ол оруолун иһин Оскар бириэмийэтин ылбыт.

Сотбис» аукциоҥҥа «5 нүөмэр, 1948» диэн хартыыната 140 мөл дуолларга атыыламмыта. Бу хартыына бэйэтин кэмигэр аан дойдуга саамай үрдүк сыаналаах буолбута.

Быһаарыылар

  1. Naifeh, Steven W.; Smith, Gregory White (24 December 1989). Jackson Pollock: an American saga. C.N. Potter. ISBN 978-0-517-56084-6. http://books.google.com/books?id=DYZQAAAAMAAJ. Retrieved on 4 May 2013. 
  2. The Museum of Modern Art. pp. 315–329. ISBN 0-87070-069-3. 
  3. signature works that define an artist’s "style," it is very important to understand its evolution..."