Петров Спиридон Васильевич
Петров Спиридон Васильевич (1894 сыл кулун тутар 7 күнэ, Ньурба улууһа — 1965 сыл ахсынньы 30 күнэ) — олоҥхоһут, ыһыах тэрийээччи.
Олоҕун олуктара
Спиридон Петров 1894 сыллаахха кулун тутар 7 күнүгэр Марха улууһун (билигин Ньурба улууһа) Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1927—1957 сыллардаахха нэһилиэк сэбиэтин чилиэнэ уонна бэрэссэдээтэлэ. Ити сылларга олоҥхоһут, ыһыах тэрийээччи быһыытынан киэҥник биллибитэ.
1949 сылтан 1951 сылга диэри Мархаҕа супуонуй пуун сэбиэдэссийэнинэн үлэлээбитэ[1].
Нэһилиэк кулуубар «Оҕо Дьулаахы» диэн бэйэтин олоҥхотун туруорбута.
1965 сыллаахха ахсынньы 30 күнүгэр өлбүтэ.
Наҕараадалара
- Саха АССР 15 сыла үбүлүөйүнэй бэлиэ мэтээл;
- Саха АССР 25 сыла үбүлүөйүнэй бэлиэ мэтээл;
- РСФСР суолун бочуоттаах үлэһитэ;
- Ньурба оройуонун ытык олохтооҕо;
- Хаҥалас нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
Быһаарыылар
Сигэлэр
- Научные сообщения Института языка, литературы и истории ЯФ СО АН СССР. Выпуск 6. — Якутск, 1961.
- Уткин К. Д. Түһүлгэ төрүттээччилэр. — Ньурба, 1989.
- Энциклопедия Якутии. — Якутск, 2000.