Оҕо эрдэхтээҕим
«Оҕо эрдэхтээҕим» — эбээн литэрэтиирэтин төрүттээччи Николай Саввич Тарабукин 1938 сыллаахха сахалыы суруйбут сэһэнэ. Айымньы автобиография хабааннаах.
Сүнньүнэн
Сэһэни бастаан ылан көрдөххө киһи олус сэҥээрбэт, онтон илиигэр тутан ис-иһигэр киирэн аахтахха сүрдээх интэриэһинэй, киһини толкуйдатар, элбэххэ үөрэтэр ис хоһоонноох. Айымньы эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын, күннээҕи түбүгүн туһунан. Бу барыта кыра уолчаан хараҕынан көрдөрүллэр. Хоту дойду тыйыс айылҕатыгар көс омук туруулаһыыта — сүрүн хартыына буолар.
Сэһэҥҥэ сүрүн герой уобараһа
Сэһэн сүрүн дьоруойа — Эминньэх уолчаан. Эбээ, эһээ, ийэ тапталыгар сууланан олус аһыныгас, киэҥ көҕүстээх оҕо. Маннык буола улааппытыгар иитии улахан оруолу оонньуур. Эбээннэр, оҕолорун хаһан да күрүөҕэ-хаһааҕа туппаттара, онон «айылҕа оҕолоро» тугут, таба ортотугар көҥүллүк сылдьан олоххо үөрэнэллэрэ. Уоллара биирдэ эмэ сыыстаҕына, буруйу оҥордоҕуна дьонноро улаханнык мөхпөттөрө. Эйэ дэмнээхтик кэпсэтииннэн муҥурданаллара. Ол да иһин буолуо уоллара дьонун үрдүктүк тутара, барытыгар көмөлөһөн иһэрэ. Көс дьон оҕотун сиэринэн тордох иһигэр-таһыгар илии-атах буолара дьонугар. Тоҕус сааһыгар убайыгар табаһытынан үлэлии киирэр: «Тоҕус сааһым туолуутугар убайбар, таба көрөөччү буоллум. Убайым саха баайдарын, атыыһыттар табаларын тутар этэ» [4, c. 49]. Баайдар оҕолорун кытта барыстаҕына Эминньэҕи атаҕастаан тахсаллара, ытаталлара. «Баай оҕолоро сыалаах этинэн өйүөлэнэллэр. Миэхэ туох да суох. Арыт сылбархай ууну иһэбин. Кинилэргэ алыс ымсыырабын, силбин быһа ыйыста олоробун» [4, c. 49]. Уонна саамай кыһыылааҕа аҕата суоҕунан сирэй-харах анньаллар. Ону барытын уолчаан олус ыараханнык, дууһатыгар охсуулаахтык ылынара. Тоҕо оҕолор туора көрөллөрүн, бэйэлэрин кэккэлэригэр киллэрбэттэрин өйдөөбөтө. Маннык ыарахан түгэннэргэ эрэллээх эһэтэ, күн күбэй ийэтэ суон дурда-хахха буолаллара. Уолга дьоно саамай чугас доҕотторо. Эһэтин батыһа сылдьан араас албастарга, бултуурга үөрэнэрэ, ол түмүгэр: «Сэттэбин туолуубар бэйэм тииҥниибин. Ол аата ийэм үөрүүтэ улаатар» [4, c. 19]. Маны барытын кини дьонун үөрдээри кыһанара. Эбэлээх, ийэтэ уолларыгар олус итэҕэйэллэрэ, эрэнэр эрэллэрэ кини эрэ этэ. Ийэтэ наар этэрэ: «Оҕом улаатан дьонун иитиэ-аһатыа, улахан киһи буолуо» — диэн бигэ эрэллээҕэ.
Мантан сиэттэрэн эттэххэ, Н. С. Тарабукин сэһэнигэр бэйэтин олоҕун суруйбут буолан ааҕааччыга сүрүн уобарас дьоруойа ордук итэҕэтиилээхтик өйдөнөр. Суруйааччы уобараһынан бэйэтин оҕо сааһа хайдах курдук ыараханнык ааспытын ис иһиттэн дириҥник көрдөрөр — киһиэхэ тиийимтиэ гына. Уопсайынан эттэххэ, сэһэҥҥэ сүрүн уобараһынан Н. С. Тарабукин бэйэтин олоҕун, ону таһынан эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын көрдөрбүт. Баай уонна дьадаҥы сыһыана сытыырхайан туруоруллар. Көстөрүн курдук, Н. С. Тарабукин араас ыарахан усулуобуйаларга сылдьан өйө-санаата бүтүннүүтэ айар улэҕэ, эбээн норуотун культуратын үөрэтиигэ, ону тэҥэ общественнай улэҕэ кыттыыга этэ. Сэһэнигэр даҕаны, дьиҥнээх олоҕор Н.Тарабукин олус судургу киһи этэ, ону ааһан дьону олус сыаналыыра. Киһини барытын бэйэтин боростуойун курдук саныыра. Николай Тарабукин бэйэтин дьиҥ олоҕун суруйбут буолан киһи ордук чугастык ылынар. Кыра оҕо тулата барыта ыраас, сырдык, кини өйүгэр-санаатыгар хараҥа санаа суох. Төһө да ыарахан олохтооҕун иһин кырачаан уол санаата күүстээх, атаҕастабылы-баттабылы түргэнник аһарынар. Оҕолуу санаалаах буолан чэпчэкитик ылынан, олох ыарахаттарыгар бэриммэккэ, сырдык суолга үктэнэн улахан, үөрэхтээх киһи буола улаатар. Уобарас сүрүн хаачыстыбатынан буолаллар: күүстээх санаа, тулуур, үчүгэй олоххо тардыһыы, ыарахаттары тулуйуу. Н. С. Тарабукин — дьиҥнээх норуоттан тахсыбыт поэт. Былыргы табаһыт эбээннэр аас-туор, эрэй-муҥ аргыстаах олохторун аҕыйах тылынан, бэргэнник ойуулуур.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ
- Белолюбская В. Г., Окорокова В. Б. Художественная литература народов Севера: традиции, современное состояние и перспективы развития / В. Г. Белолюбская, В. Б. Окорокова; материалы научно-практической конференции. — Якутск : Издательский дом СВФУ, 2011. — 207 с.
- Дегтярева Р. Г., Дегтярев А. М. Тордохтон күөдьүйбүт кыым / Р. Г. Дегтярева, А. М. Дегтярев; Документальнай сэһэн. — Дьокуускай: Саха ун-тын изд-вота, 2002. — 75 с.
- Окорокова В. Б. История литератур народов Севера Якутии / В. Б. Окорокова; Учебное пособие. — Якутск: Изд-во Якутского ун-та, 2004. — 71с.
- Тарабукин Н. С. Оҕо эрдэхтээҕим / Н. С. Тарабукин; Кыра саастаах оҕолорго сэһэн. — Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1980. — 56 c.