Оҕо автосырсыылара
Оҕо автосырсыылара эбэтэр Вениска оҕо автомобиль сырсыылара (ааҥл. Kid Auto Races at Venice) диэн Keystone Studios кылгас саҥата суох киинэтэ. Сүрүн оруолга Чарли Чаплин. Режиссер Хенри Лерман. Кэридэхчээн персонаж көстүбүт бастакы киинэтэ. Премьерата 1914 сыл олунньу 7 күнэ.
Киинэ Лос Андьелес хото Венис түөлбэтигэр дьиҥнээхтии бара турар Junior Vanderbilt Cup оҕо автомобиль сырсыыларыгар уһуллубута. Чаплин уонна Лерман сырсыы көрөөччүлэрин иннилэригэр тахсан оруолларын оонньообуттара.
Сүжета
Кэридэхчээн оҕо автомобиль сырсыыларын көрө кэлэр. Күрэхтэһиини киинэ камераҕа уһула сылдьаллар. Кэридэхчээн камера иннигэр киирэн кадрга көстө сатыыр. Режиссер уонна оператор кыыһыраннар кинини кыйдыыллар. Ону өсөһөн кадрга син биир киирэ турар.
Оруолларга
- Чарли Чаплин — Кэридэхчээн
- Хенри Лерман — Режиссер
- Фрэнк Д. Уиллиамс — Оператор
- Гордон Гриффит — Уол
- Билли Джейкобс — Уол
- Шарлот Фитцпатрик — Кыыс
- Тельма Солтер — Кыыс