Саҥата суох киинэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саҥата суох киинэ диэн дьон саҥата уонна камералара дорҕоону суруйар кыахтара суоҕа. Саҥата суох киинэ актердара кэпсэтэллэрэ иһиллибэт буолан кинилэр сирэйдэринэн эттэринэн сүһүөхтэринэн хамсаналлара тутталлара-хапталлара (мимика уонна жест) улахан ураты суолталааҕа. Киинэ сюжетын быһаарыыларын уонна геройдар этиилэрин титр суруктарынан көрдөрөллөрө. Киинэ театрыгар саҥата суох киинэ көрдөрөллөрүгэр үксүн пианино эбэтэр орган оонньуура, онтон улахан театрдарга ардыгар бүтүн оркестр да оонньуура. Саҥата суох киинэ эрата 1880-1920-с сыллар буолаллар. 1920-с сылларга киинэ ойуутун уонна дорҕоону дьүөрэлэтэр технологиялары айаннар, дорҕоонноох киинэ үөскээн, саҥата суох киинэ чэчириир кэмэ сыыйа бүппүтэ.

Саҥата суох киинэ эратын биллиилээх дьоно