Ономастика
Онома́стика (ὀνομαστική) — грек омук тыла, анал ааттары үөрэтэр тыл үөрэҕин салаата, тылбааһа ааты табан биэрии ускуустубата. Кини тыл төрдүн эбэтэр атын тыллары кытары уһуннук алтыһыы түмүгэр үөскээбит. Кыараҕас өйдөбүлгэ араас тииптээх анал аат бөлөҕүн, ономастическай (онимическай) лиэксикэни үөрэтэр. Ол курдук, ономастиканы үөрэтэр предметинэн о́ним (анал аат), тылы атын тыллартан арааран чопчулуурга аналлаах.
Синонимнар
Ономастика — эргэрбит тиэрмин, аат үөскээбит төрүтүн уонна суолтатын үөрэтэр. Билигин туттуллубат.
Ономатология — анал ааттары үөрэтэр тыл үөрэҕин салаата.
Ономатолог (ономаст) — анал ааттары чинчийэр, дьарыктанар киһи.
Ономасиология (ономатология) (англ. onomasiology) — чопчу предмет (мал-сал) эбэтэр көстүү ааттарын чинчийэр тылы үөрэтэр салаа.
Топономастика — эргэрбит, ол гынан баран литэрэтиирэҕэ туттуллар анал аат быһаарыыта.
Ономастика хайысхалара
Антропонимика
Дьон анал ааттарын чинчийэр билим (Пётр Николаевич Амехин, Иван Калита, Игорь Кио, Рюрик) .
Астронимика
Космическай эбийиэктэр эбэтэр туспа халлааны сырдатар эттиктэр ааттарын үөрэтэр. (Күн, Ый, Галлей кометата, Веста кыра планета (астероид), Церера карлик планета, Толиман эбэтэр Сириус) сулустары, Данобол (астероидтары о.д.а. кометалары) үөрэтэр.
Зоонимика
Кыыл уонна кинилэр ааттарын үөрэтэр билим. (Холобур, Шарик, Баһырҕас, Доҕор, Суолдьут, Аргыс, Бөтөс, Чолбон, Сындыыс).
Карабонимика
Хараабыллар, суудуналар уонна катердар ааттарын үөрэтэр. Холобур, («Аврора», «Варяг», «Бородино», «Память Меркурия» уо.д.а.). Эрдэ киллэриллибит наутонимика уонна каронимика тиэрминнэргэ утары тиэрмини Г. В. Алексушин киллэрбит.
Космонимика
Куосмас куйаарын ааттара — сулустар, галактика, билимҥэ ылыныллыбыттарын уонна норуокка ааттанарын(халлаан сиигэ, Плеяда, Андромеда Галактиката) космонимика анаалыстыыр. Космоним тиэрмини субу-субу астрониму синонима быһыытынан туттуллар.
Хрематонимика
Материальнай култуура предметтэр анал ааттара («Орлов» алмаас, Дюрандаль батыйа, Гамаюн пушка) хрематонимики үөрэҕин эбийиэктэрэ буолбуттара.
Табаар аатын уонна дьон практическай дьайыытын, үлэтин-хамнаһын уонна атын түмүктэрин үөрэтэр. Холобур, парфюмонимнар — парфюмернай бородууксуйалар ааттара (Chanel, J’adore, Lauren), чоконимнар — сакалааттар ааттара («Кара-Кум», «Метелица», «Ласточка»).
Теонимика
Таҥаралар уонна пантеоннар анал ааттара (Стрибог, Зевс).
Топонимика
Топонимика географическай эбийиэктэр анал ааттарын үөрэтэр, холобура (Новгород, Невскай проспект, Ловать өрүс, Байкал күөл, Куликовскай хонуу, ономастикаҕа топонимнар диэн ааттаналлар.
Эргонимика
Дьыалабыай дьон холбоһуктарын ааттарын үөрэтэр. Холобур,эмпоронимы — маҕаһыыннар ааттара, фирмонимнар — пиирмэлэр ааттара. Манна парикмахерскайдар, баардар, кэпиэлэр, бильярднай кулууптар, благотворительнай тэрилтэлэр уо.д.а. ааттара киирсэллэр.
Этнонимика
Этнонимика норуоттар уонна биистэр ааттарын үөрэтэр.
Ономастика пуунсуйалара
Ономастическай чинчийиилэр норуоттар эмиграцияларын, суолларын, урукку олохторун булууга көмөлөөхтөр, тыл, култуура, урукку тыл туруга уонна диалектара уратыларын билэргэ көмөлөөхтөр. Анал ааттары үөрэтии тиэрдии уонна харыстааһын көмөтүнэн улахан суолталанар. Анал аат бэйэтин суолтатын этимологическай суолтата сүтэр да кэмигэр харыстанар — тус предмети бэлиэтиир ыйааҕынан — о.э. ол тыл атын тылын кытта сибээстиир сатаммат (холобура, скииптэр курдук өрүстэр ааттара нуучча тылыгар «Дон», финно-угорскай «Москва», «Волга» уо. д.а.).
Анал ааттар бигэ туруктаах буолуулара устуоруйаҕа биллэр тыл өрөбөлүүссүйэтин кэмигэр эрэ буолбакка, атын тыл тылы солбуйарыгар эмиэ тутуллар. Онон этимологическай быһаарыы көмөтүнэн тыл характерын, бастакы олоҕун быһаарар кыахтанабыт.
Ономастиканы үөрэтии Арассыыйаҕа В. В. Виноградов аатынан нуучча тылын үнүстүүтүн уонна А. М. Горькай аатынан Урааллааҕы судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин топонимика араҥатын чинчийэр биир бөдөҥ научнай оскуолата таһаарар, «Вопросы ономастики» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы сурунаалга бэчээттэнэр.
Литература
- Алексушин Г. В. С самарскими именами на борту. История Самарской губернии — в названиях кораблей // Свежая газета. — Самара, 2007. — № 1. — С. 14. (по региональной карабонимике).
- Алексушин Г. В. Имя твое неизвестно… //Таможня. — 2007. — № 17. — С. 30—31. (по таможенной карабонимике).
- Алефиренко Н. Ф. О природе ономастической семантики // Ономастика Поволжья: Тез. докл. VIII междунар. конф. Волгоград, 8—11 сент. 1998 г. / Отв. ред. В. И. Супрун. — Волгоград: Перемена, 1998. — С. 165—168.
- Баранов И. Ю. Русские женские имена в эргонимии // Ономастика Поволжья: Тез. докл. XII междунар. конф. — Казань, 2010. Баранов И. Ю. Социальные сети как источник данных для антропонимики // Слово и текст в культурном сознании эпохи: Сб. научных трудов. Часть 4. — Вологда: Легия, 2010.
- Березович Е. Л. Русская топонимия в этнолингвистическом аспекте. — Екатеринбург: Изд-во Урал. ун-та, 2000. — 532 с.
- Березович Е. Л. Топонимия Русского Севера: Этнолингвистические исследования. — Екатеринбург: Изд-во Урал. ун-та, 1998. — 340 с.
- Березович Е. Л. Этнолингвистическая проблематика в работах по ономастике (1987—1998) // Известия Уральского государственного университета. — 1999. — № 13. — С. 128—141.
- Бондалетов В. Д. Русская ономастика: Учеб. пособие. — М.: Просвещение, 1983. — 224 с. — 45 000 экз. (в пер.)
- Бояркин В. Д. Фразеологические единицы с ономастическим компонентом в современном русском литературном языке: Дисс. … канд. филол. наук. — Л., 1987. — 220 с.
- Веселовский С. Б. Ономастикон. Древнерусские имена, прозвища и фамилии. — М.: Наука, 1974. — 382 с. Восточнославянская ономастика / Отв. ред. А. В. Суперанская. — М.: Наука, 1972. — 367 с.
- Восточнославянская ономастика: исследования и материалы / Отв. ред. А. В. Суперанская. — М.: Наука, 1979. — 350 с.
- Голомидова М. В. Искусственная номинация в русской ономастике. — Екатеринбург, 1998. — 375 с.
- Даль В. И. Толковый словарь живого великорусского языка. Т. I—IV. — М., 1955.
- Дмитриева Л. И., Щербак А. С. Ономастика Тамбовской области. Опыт энциклопедии: В 2 ч. — Тамбов: Изд-во ТГУ, 2001—2002. Ермолович Д. И. Имена собственные на стыке языков и культур. — М.: Р. Валент, 2001. — 200 с.
- Историческая ономастика / Отв. ред. А. В. Суперанская; Редкол.: В. П. Нерознак,Н. В. Подольская, В. Э. Сталтмане;Институт языкознания АН СССР. — М.:Наука, 1977. — 308 с. — 6000 экз. (обл.)
- Катанов Н. Ф. Указатель собственных имён к словарю В. В. Радлова. — СПб., 1868.
- Климкова Л. А. Диалектолого-ономастическая работа в вузе и школе (Методические рекомендации). — Арзамас, 1988. — 91 с.
- Ковалёв Г. Ф. Инструкция по собиранию регионального ономастического материала // Край Воронежский: история и традиции. — Воронеж, 1996. — С. 64—65.
- Кондратьева Т. Н. Метаморфозы имени собственного: Опыт словаря. — Казань: Изд-во Казан. ун-та, 1983. — 111 с.
- Крюкова И. В. Рекламное имя: от изобретения до прецедентности. — Волгоград: Перемена, 2004. — 288 с.
- Курилович Е. Положение имени собственного в языке // Курилович Е. Очерки по лингвистике. — М.: Изд-во иностр. лит-ры, 1962. — С. 251—266. Лебедева Е. С. Уроки ономастики: научный поиск и творчество учащихся //Русский язык в школе. — 2000. — № 2. Лосев А. Ф. Философия имени. — М.: МГУ, 1990. — 269 с.
- Маны тэҥэ биирдиилээн үлэлэргэ көр: бодуллоева С. Ю. Ономастика «Фарснаме» Ибна ал-Балхи. Дисс. … канд. филол. наук. Душанбе, 2009. 175 с.
- Матвеев А. К. Методы топонимических исследований. — Свердловск: УрГУ, 1986. — 100 с.
- Матвеев А. К. Ономатология / А. К. Матвеев. — М., 2006. — 292 с.
- Матвеев А. К. Субстратная топонимия Русского Севера: В 3 ч. Ч. 1, 2. — Екатеринбург: Изд-во Урал. ун-та, 2001. Михайлов В. Н. Лингвистический анализ ономастической лексики в художественной речи: Учеб. пособие. — Симферополь: СГУ, 1981, 1983. — 28 с.
- Намитокова Р. Ю. В мире имён собственных: Лингвистические беседы по краеведению. — Майкоп: Адыгейское кн. изд-во, 1993. — 184 с.
- Намитокова Р. Ю. Региональная ономастика: Учебно-методическое пособие. — Майкоп, 2005. — 70 с. Никонов В. А. Имя и общество. — М.: Наука, 1974. — 278 с.
- Ономастика / Редакторы: В. А. Никонов,А. В. Суперанская; Институт языкознания АН СССР. — М.: Наука, 1969. — 264 с. —5600 экз. (обл.)
- Ономастика и грамматика: Сб. статей / Отв. ред. Л. П. Калакуцкая. — М.: Наука, 1981. — 272 с. — (Культура русской речи).(обл.)
- Ономастика: Литература ыйынньыга, 1963—1970 сс. ССРС тахсыбыта / Хомуйан оҥордулар: Б. А. Малинская, Р. Р. Мдивани, М. Ц. Шабат; Эпп. ред. Н. В. Подольская; ССРС НА общественнай наукаларга научнай информация института. — М.: ССРС НА ОННИИ, 1976. — 206 с. — ахсаана 800 экз. (обл.)
- Ономастика: Литература ыйынньыга, 1976—1980 / ССРС НА общественнай наукаларга научнай информация института. — М.: ССРС НА ОННИИ, 1984. — 266 с.
- Отин Е. С. Словарь коннотативных собственных имён. — Донецк: Юго-Восток, 2004. — 412 с.
- Русская ономастика и ономастика России: Словарь / Под ред. акад. РАНО. Н. Трубачёва. — М.: Школа-Пресс, 1994. — 288 с. — (Русская энциклопедия). — 50 000 экз. (в пер.)
- Русская ономастика: Сборник научных трудов / Отв. ред. Ю. А. Карпенко. —Одесса, 1984.
- Рут М. Э. Звёзды рассказывают о Земле. — Свердловск: Изд-во Урал. ун-та, 1990. — 47 с.
- Рут М. Э. Имена и судьбы. — Екатеринбург: Сред.-Урал. кн. изд-во, 1996. — 125 с.
- Рут М. Э. Образная номинация в русском языке. — Екатеринбург: Изд-во Урал. ун-та, 1992. — 144 с.
- Рут М. Э. Русская народная астронимия. — Свердловск: Изд-во Урал. ун-та, 1987. — 67 с.
- Сафаралиева Э. Я. Как тебя зовут? — Махачкала: Дагестанское книжное издательство, 1994.
- Севортян Э. В. Этимологический словарь тюркских языков. Т. 1—7. — М., 1974—2003. Справочник по истории географических названий на побережье СССР / Гл. управл. навигации и океанографии МО СССР. — Изд. 2-е, доп. и испр. — М.: ГУНиО МО СССР, 1985. — 430 с.
- Суперанская А. В., Сталтмане В. Э., Подольская Н. В., Султанов А. Х. Теория и методика ономастических исследований. — М.: ЛКИ, 2007. — 256 с.
- Суперанская А. В. Имя — через века и страны. — М.: Наука, 1990. — 190 с.
- Суперанская А. В. Как Вас зовут? Где Вы живёте? — М.: Наука, 1964. — 94 с.
- Суперанская А. В. Общая теория имени собственного. — М.: Наука, 1973. — 366 с.
- Суперанская А. В. Структура имени собственного. Фонология и морфология. —М.: Наука, 1969. — 206 с.
- Суперанская А. В. Ударение в собственных именах в современном русском языке. — М.: Наука, 1966. — 360 с.
- Супрун В. И. Краеведческая ономастика // Духовная культура: проблемы и тенденции развития. — Сыктывкар: Изд-во Сыкт. гос. ун-та, 1994.
- Супрун В. И. Ономастическое поле русского языка и его художественно-эстетический потенциал. — Волгоград: Перемена, 2000. — 172 с.
- Ташицкий В. Место ономастики среди других гуманитарных наук // Вопросы языкознания. — М., 1961. — № 2. — С. 3-11.
- Терминологическай тылдьыттар Подольская Н. В. Нуучча ономастическай терминологиятын тылдьыта / Эпп. ред. А. В. Суперанская. — Иккис тахсыыта. — М.: Наука, 1988. — 192 с. Ахсаана 28 000 экз.
- Унбегаун Б. Русские фамилии / Пер. с англ. Общ. ред. Б. А. Успенского. — М.:Прогресс, 1989. — 443 с.
- Фасмер М. Этимологический словарь русского языка. Т. I—IV. — М., 1964—1973.
- Флоренский П. А. Имена. — СПб.: Авалонъ, 2007. — 332 с.
- Чичагов В. К. Из истории русских имён, отчеств и фамилий (вопросы русской исторической ономастики XV—XVII вв.). —М.: Учпедгиз, 1959. — 130 с.