Мэдиссиинэҕэ уонна физиологияҕа Нобель бириэмийэтэ

Физиологияҕа эбэтэр мэдиссиинэҕэ Нобель бириэмийэтэ (швед. Nobelpriset i fysiologi eller medicin) — Физиология эбэтэр мэдиссиинэ эйгэлэригэр уһулуччу ситиһиилэрин иһин сыл аайы учуонайдарга туттарыллар бириэмийэ, Швеция хоруоллугун билимин акадьыамыйата Стокгольмҥа туттарар.

Бу Альфред Нобель 1895 сыллаахха бэйэтэ олохтообут биэс Нобель бириэмийэлэриттэн биирдэстэрэ, 1901 сыллаахтан туттарыллар. Атын бириэмийэлэр: Химияҕа Нобель бириэмийэтэ, Литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтэ, Нобель Эйэҕэ бириэмийэтэ уонна Физикаҕа Нобель бириэмийэтэ.[1].

Мэдиссиинэҕэ уонна физиологияҕа Нобель бастакы бириэмийэтин 1901 сыллаахха Эмиль фон Беринг диэн учуонайга сыворотка көмөтүгэн эмтиир ньыматын иһин (бастатан туран дифтерияны эмтээһиҥҥэ туттуллубта) анаабыттара. Ыраахтааҕы Россияттан икки лауреат баар: 1904 с. Иван Петрович Павлов уонна 1908 с. Илья Ильич Мечников.

Бириэмийэни Стокгольмҥа сылын ахсын анал сиэри-туому тутуһан ахсынньы 10 күнүгэр туттараллар (Нобель өлбүт күнэ).

Быһаарыылар

  1. Alfred Nobel - The Man Behind the Nobel Prize. Nobelprize.org. Сигэнии күнэ: 7 Алтынньы 2008. Архивировано 22 Бэс ыйын 2013 года.(ааҥл.)

Литэрэтиирэ

Эбии бу тиэмэҕэ

Категориялар