Мустафа Кемал Ататүрк

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мустафа Кемаль Ататюрк
туур. Mustafa Kemal Atatürk
Президент Турции Мустафа Кемаль Ататюрк, 1930-е годы
Президент Турции Мустафа Кемаль Ататюрк, 1930-е годы
Флаг
1-й президент Турции
Флаг
29 октября 1923 — 10 ноября 1938
Глава правительства Исмет Инёню
Фетхи Окьяр
Исмет Инёню
Махмуд Джеляль Баяр
Предшественник должность учреждена
Преемник Исмет Инёню
Флаг
Лидер Республиканской народной партии
Флаг
9 сентября 1923 — 10 ноября 1938
Предшественник должность учреждена
Преемник Исмет Инёню
Флаг
Председатель Великого Национального Собрания Турции
Флаг
24 апреля 1920 — 29 октября 1923
Предшественник должность учреждена
Преемник Али Фетхи Окьяр
Флаг
Премьер-министр Турции
Флаг
3 мая 1920 — 24 января 1921
Предшественник должность учреждена, Великий визирь
Преемник Мустафа Февзи Чакмак

Төрөөбүтэ 1881({{padleft:1881|4|0}})
Салоники,
Османская империя
Өлбүтэ 10 сэтинньи Долмабахче», Стамбул, Турция
Көмүллүбүт сирэ Мавзолей «Аныт Кабир», Халыып:МестоЗахоронения
Төрөөбүтүгэр аата туур. Ali Rıza oğlu Mustafa
Аҕата Али Рыза-эфенди
Ийэтэ Зюбейде-ханым
Кэргэн Латифе Ушаклыгиль (1923 — развод 1925)
Оҕолоро 10 приёмных
Партия Республиканская народная партия
Үөрэҕэ
Автограф Изображение автографа
Наҕыраадалар
Халыып:Орден Меджидие 1 степени Халыып:Орден Меджидие 2 степени Халыып:Орден Меджидие 5 степени
Халыып:Орден Османие 2 степени Халыып:Орден Османие 3 степени Халыып:Орден Османие 4 степени
Халыып:Медаль Лиакат Халыып:Золотая медаль Имтияз Халыып:Серебряная медаль Имтияз
Халыып:Галлиполийская звезда Халыып:Железный крест 1-го класса Халыып:Железный крест 2-го класса
Халыып:Орден Короны (Пруссия) Халыып:Орден «Святой Александр» 3 степени Халыып:Крест Военных заслуг (Австро-Венгрия)
Халыып:Медаль «За военные заслуги» Халыып:Медаль «За военные заслуги»
Военная служба
Род войск Сухопутные войска Турции[d]
Звание маршал Турции
Кыргыһыылар
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр

Мустафа Кемал Ататүрк (туур. 'Mustafa Kemal Atatürk') (Ыам ыйын 19 1881Сэтинньи 10 1938) диэн Түркийэ Республикатын төрүттээччитэ уонна бастакы президенэ. Идэтинэн сэрииhит.

1881 сыллаахха кулун тутар 12 күнүгэр Салоники куоракка төрөөбүтэ. Төрүүрүгэр Мустафа диэн ааты биэрбиттэрэ. Кемал («уһулуччу») диэн ааты байыаннай училищаҕа математикаҕа дьоҕурун иһин биэрбиттэрэ.

Аармыйаҕа коррупцияны утары хас да кистэлэҥ уопсастыбалары тэрийбитэ, онтон 1908 с. өрөбөлүүссүйэ кэмигэр Энвер Бейдыын сатаспакка политкаттан туораабыта. Италияны кытта 1911—1912 сыллардааҕы сэриигэ уонна Иккис Балкаан сэриитигэр 1913 с. кыттыбыта. Бастакы аан дойду сэриитигэр дьоҕурдаах армия офицера быhыытынан биллибитэ. Дарданелланы Антанта күүстэриттэн көмүскүүр сэриилэри салайбыта.

Аан бастаан түрк омугун салайааччытын быһыытынан 1917 с. Германия Түркийэ ис дьыалатыгар орооһоору гыммытын утаран бэйэтин биллэрбитэ. Осман Империята сэриигэ хотторон эстиитин кэнниттэн саҕаламмыт тутулуга суох буолуу сэриитигэр, Ататүрк түрк дьонун басхана. 1919 с. гириэк сэриилэрэ Измир куоракка киирбиттэрин кэннэ Мустафа Кемал Анатолияҕа утарсыыны тэрийбитэ. Быстах кэмнээх дьаhалтаны Анкараҕа тэрийбитэ. Анатолия бу кэмҥэ Стамбууллааҕы султаан бырабыыталыстыбатын кытта сыһыаны быспыта. 1920 с. Анкарааҕа кинини Омук улуу мунньаҕын (түмэнин) бэрэстээтэлинэн талбыттара. Гириэктэри Кыра Аазияттан үүрбүтэ, Антанта судаарыстыбаларын Түркийэҕэ арыый табыгастаах дуогабарга илии баттыылларыгар күһэйбитэ, дойдуну босхолообута.

Урукку султанааты уонна халифааты суох гыммыта уонна Түркийэ Өрөспүүбүлүкэтин тэрийбитэ. 1923 с. бастакы президент буолбута, онтон 1927, 1931 уонна 1935 сс. хос талыллан үлэлээбитэ. Ататүрк президеннааhынын кэмигэр политика, экономика уонна култуура эйгэлэригэр элбэх уларыта тутууну ыыппыта. Ол курдук Түркийэ аныгылыы, таҥара дьиэтиттэн тутулуга суох тэриллиилээх ил буолбут. Түркийэ тас политиката дойду толору тутулуга суох буолуутугар туһаайыллыбыта. Түркийэ Нациялар Лиигаларыгар киирбитэ уонна ыалыы судаарыстыбалары кытта, бастатан туран Грецияны уонна Сэбиэскэй Сойууһу кытта доҕордуу сыһыаннары олохтообутаКемализм дэнэллэр.

Морис Перно диэн француз суруналыыһыгар М. Кемал былааска чиҥник олорон баран эппит:

« Биһиги политикабыт, биһиги үгэстэрбит, биһиги туруулаһыыбыт барыта Түркийэ Эуропа дойдута буоларыгар туһаайыллыахтара, эбэтэр чуолкайдаатахха, Арҕаа дойдулары кытта тэҥнэһэр дойду буолуоҕа.[2]. »

Ататүрк — «Аҕа түрк» — диэн ааты Түркийэ Улуу национальнай мунньаҕа (Түмэнэ) 1934 с. иҥэрбитэ.

Ататүрк Стамбуулга 1938 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр 57 саастааҕар ыалдьан өлбүтэ.

Быһаарыылар

  1. Люди
  2. Atatürk'ün söylev ve demeçleri. I-III. Ankara, 1989, c. 91