Местникова Аграфена Григорьевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Местникова Аграфена Григорьевна, Нам улууһун Хамаҕатта сэл. олохтооҕо, 11 оҕолоох Герой-Ийэ, сэрии кыттыылааҕын огдообото, тыыл уонна улэ ветерана, Нам улууһун бочуоттаах гражданина, Хамаҕатта, Салбан сэлиэнньэлэрин бочуоттаах гражданина, норуот маастара, сцена ветерана, 26 сиэннээх уонна 30 хос сиэннээх.

Аграфена Григорьевна Винокуров Василий Игнатьевичка, сэрии ветераныгар кэргэн тахсар, 1964 с. диэри Салбаҥҥа олороллор, онно 7 оҕолоноллор эбии өлбүт убайдарын оҕотун иитэ ылаллар. Оҕолонорун быыҺыгар ыанньыксыттыыр. Оҕолорун үөрэттэрээри Хамаҕаттаҕа көҺөн кэлэллэр уонна эбии 3 оҕолоноллор. Василий Игнатьевич фермаҕа үлэлиир, Аграфена Григорьевна детсадка ньээҥкэнэн үлэлиир. 1978 с. аҕабыт ыарахан ыарыыттан олохтон туораабытын кэннэ, ийэбит биир да оҕотун интернакка биэрбэккэ иитэр, оҕолорун атахтарыгар туруорар.

Пенсияҕа 1980 сыллаахха тахсыбыта уонна салгыы оскуола интернатыгар 13 сыл поварынан үлэлиир. Үлэтин уопсай ыстааҺа 52 сыл.

Иллэҥ кэмигэр иистэнэр, сиэлинэн, кылынан хатан араас оҥоҺуктары оҥорор, сиэннэрин, оҕолорун утүөҕэ- кэрэҕэ уҺуйар. Кыл, сиэл үлэлэринэн, сукунанан аттарыллыбыт үлэлэринэн нэҺилиэккэ, улууска, республикаҕа ыытыллар быыстапкаларга ситиҺиилээхтик кыттар. 2008 с. «Удьуор уус ситимэ» диэн республикаҕа ыытыллыбыт быыстапкаҕа оҕолорун, сиэннэрин үлэлэрин туруоран грамотанан наҕараадаламмыта, «За многочисленность мастеров в роду» номинацияҕа тиксибитэ, онтон 2009 с. «Сыл бастыҥ талааннаах ытык киҺитэ» номинациянан, 2010 с. Саха Республикатын норуотун маастарын аатын ылбыта.

Аграфена Григорьевна нэҺилиэк общественнай олоҕор актыыбынайдык кыттар. Түөлбэлэринэн ыытыллар араас дьаҺалларга көхтөөхтүк кыттан ыытыллар концертарга чабырҕахтаан, сценкаларга оонньоон, ыҺыахтарга конкурстарга кыттар.

Аграфена Григорьевна Местникова ахтыыта

Мин Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгэр 1930 сыллаахха төрөөбүтүм.

Сэрии сут кураан кыһарыйбыт кэмигэр тэйиччи сиртэн бырааппынаан оскуолаҕа үөрэммиппит. Бастаан үөрэнэрбитигэр бытыктаах дьон, сиппит кыргыттар бааллара. Биһиги оскуола аанын кыайан аспат этибит. Аан ис өттүттэн маһынан таттарыылаах буолан, ааммытын остуорастар аһан биэрэллэрэ.

II кылааска үөрэнэ сылдьан, үөрэх кэнниттэн куйуурдаан аһыырбыт, ийэбит үрүҥ хараҕын өрө көрбөт, үлэттэн олох иллэҥ буолбат этэ, онон туох кыалларынан ийэбитигэр көмөлөһө сатыыр этибит . Аҕабыт сылын аайы Моой үрэххэ айаҥҥа баран кыстыыр этэ. Онно туу маһын бэлэмниир быһыылаах этэ, ону ийэбит тыыран туу өрөрүн өйдүүбүн. 1941 сыл сайыныгар таайбыт сиэмэни баайан түһэрэр комбайнҥа үлэлээн иһэн Аҕа дойду сэриитигэр ынырыллан барбыт. Кини эргиллибэтэҕэ. Комбайн онон үлэлээн бүппүтэ. Ат соһор массыыната сиэмэни быһар, ону биһиги тарыйан түһэрэн, түүтэх гына баайан сослуоннаан иһэрбит. Оҕо барыта таайбытын суохтаабыта. Кини баара буоллар баайыллыбыт сиэмэ түһүө этэ, диирбит.

 Салгыы үөрэнэрбитигэр оскуолабыт сабыллан хаалбыта, аҕыйах тулаайах оҕону интернаттаах сиргэ үөрэттэрэ ыыппыттара.

Дьэ биһиги үлэ да үлэ: ыһыыга, паардааһыҥҥа сир хоруттарабыт. Кырдьаҕас Копырин Афанасий оҕонньор биригэдьиирдиирэ, от үлэтэ буолуор диэри солооһун солуурбут, кэрдиллибит мас чөҥөчөҕүн түөрэбит. Түөрэрбитигэр 10-ча оҕо төһүү төбөтүгэр ыйаастан, баттаан, тардан түөрэр этибит. Онтон аны адаарыйбыт чөҥөчөҕү кытыыга соһуу буолар. Кураан буолан дэлби тиритэбит, утатабыт, оҕонньорбут эрэйдээх чэй өрөн, муус уган, сойутан таһаарбытын иһэрбит. Ол курдук от үлэтигэр кырдьаҕас оҕонньор тэҥҥэ сылдьар этэ: муҥхалатан аһатара. Муҥхалаатахпытына кыра балыктары атын күөлгэ бэрт тиэтэлинэн: «Кытаатыҥ, түргэнник сүүрэн илдьэн ыытын»,- диирэ. Кэллэхпитинэ хайаан да ыйыталаһара, «уһуннулар» диэтэхпитинэ үөрэн: "Ити биһиги «ампаардаах аспыт буолар»- диирэ.

Күһүн сиэмэ баайа барабыт. Сиэмэбитин кылаастаан кэбиһэбит, онтон кыайан кэбиспэтэх оппутун кэбиһэбит. Сиэмэбитин тиэйэн малатыылкалыыбыт. Бу үлэлэр үмүрүйдэхтэринэ, аны дьиэбитигэр кыратык иллэҥ буоллубут да чөҥөчөхтөөн, ону мунньан баран хаар түстэҕинэ тиэйэбит. Арай биирдэ бырааппынаан мас кэрдэн тиэйэн таҕыстыбыт. Стёпаны аҕабыт мас кэрдэргэ үөрэппит быһыылааҕа. Бу турар тиити эрбиэххэ диэн буолла. Өр баҕайы эрбээтибит, онтон турар маспыт тыаһаата, сууллаары гынна, мин сүүрдүм, кэннибиттэн улахан баҕайытык «Эдьиий!»,- диэн өлөр саҥа таҕыста, эргиллэ биэрбитим кыра баҕайы киһи тиити анньан чырайа ахан турар эбит. «Кэл, анньыс!»- диэн буолла, сууллардыбыт. Маска баттатаары сүүрбүппүттэн сэмэлэнним. Кэрдибит тииппит суон этэ. Маспытын сыарҕаттан кыратык уһун гына эрбээтибит. Аны тиэйэрбит кэллэ, хайдах да кыайан көтөхпөппүт. Онтон сыарҕабытыгар 2 маһы өйөннөрө ууран баран миэхэ 1 маһы, бэйэтэ 1 маһы ылан баран син төһүүлээн тиэйдибит. Күөх тиити моойдоон куурдаллар, онно эмиэ биир маһы моойдоото.

Сорох сыл сиэмэ хаһыннаан уот кураан буолан аһыҥа сиэн туох да үүнүүну ылбат этибит. Үлэлиирбитигэр тиритии- хорутуу, аччыктыырбыт, ол да буоллар оннук эрэйи көрдүбүт диэбэт этибит. Ол кэмнэргэ таайбыт сэрииттэн хара суруга кэлбитэ. Сүрдээх ыарахан күн- дьыл ааспыта. Атын да ыалга син биир оннук этэ.

Кыайыы күнүн көрсөрбүтүгэр оҕолор бары турук үлэһит буолбуппут. Сэрии бүттэ, кыайыы буолла, ниэмэһи биһиги аармыйабыт кыайбыт диэн биллэрбиттэрэ. Үөрбүппүт да курус санаалаах этим. Кыайыы күнүгэр түөрт кыыс иккилии оҕуһунан муоһанан сир хоруттара паардааһыҥҥа үлэлии сылдьыбыппыт. Сайынын атын улуустарга, нэһилиэктэргэ оттуурбут, онно кыстыы хааларбыт, дьиэбитигэр кыстаабат этим.

Кыайыы кэнниттэн олох түргэнник тупсубатаҕа. Дохуот да аахсыбыппын өйдөөбөппүн, үлэлиирбитигэр абаанса курдук үллэрэн аһаталлара, лэппиэскэни эмиэ өлүүлэээн биэрэллэрэ. Аһыыр аһаабат сылдьарбыт. Туох үлэни үлэлээбэтэҕим баарай. Биир сыл көһүүгэ кыстаан олорон кыһыҥҥы тымныыга үс оҕуһунан от тиэйэн кыстаабытым, онно тоҥорбун айыы таҥара бэйэтэ биллэҕэ. Ити курдук сыл аайы атын атын сиргэ кыстыырым, ол сылдьан бу Намҥа киирэн Салбаҥҥа тахсан оттоон баран кыстаан олорон 1951 сыл тохсунньуга кийиит буолан хаалбытым. Салбаҥҥа бастакы үлэм 50 борооскуну көрүүттэн саҕаламмыта. Онтон оҕолонон баран көһөрүм тохтообута. Оҕолонорум быыһыгар ыанньыксыттыыр этим. Манна, Хамаҕаттаҕа, оҕолору оскуолаҕа үөрэттэрээри 1965 сыллаахха көһөн киирбитим. Ол күһүн дьааһылаҕа ньээҥкэлээбитим. 1984 сылга диэри дьааһылаҕа араас үлэҕэ үлэлээбитим. 1984 сылтан 1997 сылга диэри интернакка маҥнаай завхозтаабытым, кэлин повардаабытым. Билигин аахтахпына үлэм ыстааһа 52 сыл эбит.

Аграфена Григорьевна наҕараадалара

  • Орден «Материнская слава» II степени 6.05.1968 г.
  • Орден «Мать-героиня» 26.11.1973 г.
  • Медаль «Ветеран труда» 29.12.1980 г.
  • Медаль «Ветеран тыла» 5.05.1995 г.
  • Медаль «50 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» 22.03.1995 г.
  • Медаль «80 лет Великой Октябрьской социалистической революции» 25.09.1997 г.
  • Медаль «Великий сын советского народа» 1997 г.
  • «За доблестный труд Великой отечественной войне» 2002 г.,
  • Медаль «Пятьдесят пять лет Победы Советского народа в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.»
  • Юбилейный знак «Ветерану Великой Отечественной войны 1941—1945 гг.» 2005 г.
  • Медаль «60 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» 09.03.2005 г.
  • Медаль «65 лет Победы в Великой Отечественной войне» 28.02.2010 г.
  • Юбилейный знак «Ветерану Великой Отечественной войны 1941—1945 гг.». 2002 г.
  • «За доблестный труд Великой отечественной войне» (медаль), 2006 г.
  • «Почетный гражданин Хамагаттинского наслега», 2009 г.
  • «Сыл бастын талааннаах Ытык киһитэ», 2010 г.- народный мастер Республики Саха (Якутия) 2015 с.
  • Медаль «70 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг» 2015 с.
  • «Почетный гражданин Салбанского наслега», 2017 с.
  • «Почетный гражданин Намского улуса».