Кэрэх
Кэрэх — сахаларга иччини күндүлүүргэ сүөһүнү эбэтэр сылгыны өлөрөн маска ыйыы сиэрэ.
Дьүһүннээһин
Тутуу илин эбэтэр арҕаа көрөр, хоту көрөрүн эмиэ сурулуммута. Кэрэх куочай диэн мас ыйынньыктаах.
Сэһэн Боло суруйбут Орто Халыма сэһэнньит этэринэн кэрэҕи Ыһыах кэмигэр туруораллара үһү. Куонньар диэн ыйынньыкка арҕааттан илиҥҥэ сылгы тириитин ыйыыллар, төбөтө илин көрөр. Абааһыга аналлаах буоллаҕына төбөнү арҕаа туһулууллар. Андрей Саввин суруйарынан Малыыда диэн «икки силистээх» ойуун арҕаа көрөр 17 сылгы кэрэҕи туруорбут. Ол эрээри, Саввин Кытаанаах нэһилиэккэ арҕаа уонна илин көрөр куочайдаах кэрэҕи көрбүтүн суруйбут.
Пекарскай ойуулааһына
Эдуард Пекарскай суруйарынан, кэрэх диэн куһаҕан иччигэ ураты дьүһүннэх сүөһүнү хааннаах сиэртибэлии. Кыыл тириитин маска ыйыыллара, мас аллараа ойуун кырыыра. Сүөһү этин дьиэ иһигэр аймахха ас быһыытынан биэрэллэрэ. Куочай кэрэх — иччини күндүлүүр дьайыы көрүҥэ, тириини төбөтүн, туйахтарын уонна муостарын кытта маска суол ыйынньыгын курдук ыйыыллар.
Литэрэтиирэ
- Васильев В. Е. Жертвоприношения кэрэх: реликты и новые интерпретации на основе материалов северных саха // СВГВ. 2018. № 3 (24).