Кыһалҕа кыһайар
Кыһалҕа кыһайар диэн сахалар олох үөрэҕин этэллэр.
Дьон көннөрү санааларыгар куруук үтүө, сөбүлүүр баҕа санааларын толоро сылдьыахпыт дии саныыллар. Ол эрээри кыһалҕа кыһайыыта диэн олоххо баарын уонна хаһан баҕарар тиийэн кэлиэн сөп. Олоххо араас кыһалҕалар эмискэ үөскээннэр киһи баҕарбатын, сөбүлээбэтин оҥорорго тиийэрэ эмиэ элбэх. Өссө сөбүлээбэт быһыыны хос-хос хатылаан, уһун кэмҥэ оҥоруу ыган тиийэн кэллэҕинэ, киһи урукку сөбүлүүр эбэтэр сөбүлээбэт диэн өйдөбүлүн төрдүттэн уларыттаҕына эбэтэр эргитэн биэрдэҕинэ уонна «Үчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэн сылдьаллар» диэн этиини тутустаҕына эрэ табыллар кэмэ кэлэр. Кыһалҕа кыһайыытын үгүс өттүн «Үлэ-олох үөрэҕэ» диэн үлэттэн билсиэххэ сөп. (1,94).
Олоххо кыһалҕа кыһайыыта ыарахан. Улахан өрүс саас халааннаан дьиэни-уоту барытын сотон бардаҕына, киһи уһун үйэтин тухары мунньан-тараан оҥостубут олоҕо төрдүттэн уларыйан, саҥалыы саҕаланар кэмэ тиийэн кэлэр. Маннык тосту уларыйыы кэмигэр киһи мөлтөөн-ахсаан, сымнаан биэрбэккэ өссө тулуурдаах, дьулуурдаах буолуутун күүһүрдэн биэрэрэ ирдэнэр.
Айылҕа дьайыытын дьон кыайан уларытар кыахтара суоҕунан бу дьайыылартан быыһанар, харыстанар суоллары эрдэттэн булуна сылдьаллара эбитэ буоллар, кыратык хаарыттарыа этилэр. Дьиэлэрин-уоттарын уу ылбат үрдүк сирин буолан оҥордохторуна ууттан эрэйдэнии суох буолар.
Улахан куйаастар кэмнэригэр баһаардар барар кутталлара биллэрдик улаатарыттан дьон сэрэхтээх буолуулара эрэ быыһыыр кыахтаах. Билиҥҥи сайдыылаах, сибээс, тиэхиникэ сайдыбыт кэмигэр тыаҕа барбыт баһаардартан үгүс элбэх дэриэбинэлэр дьиэлэрэ барылара умайан хаалыылара салайыы мөлтөҕүттэн сэрэхтээх буолуу диэн өйдөбүл умнууга хаалбытын биллэрэллэр.
Оҕолору бас-баттах, «айыы үчүгэй» диэн иитииттэн, үөрэтииттэн уоттан сэрэхтээх буолуу билигин букатын сүттэ. Эдэрдэри «айыы үчүгэй» диэн үөрэтии киһи билбэтин, оҥорботун, айыыны оҥоро сатыылларын элбэтэриттэн, уоту туһаныыга сыыһа-халты тутталларын үксэтэр. Салайааччылар өттүлэриттэн оннооҕор урукку кэмҥэ оҥоруллубут баһаарга туттуллар аналлаах уу мунньуллар күөллэрин куурдуу, уу кутар улахан иһиттэрин туһата суох туруоруу, баһаарынай харабыллары суох оҥортооһун, аҕыйатыы таһаарылла турар.
«Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр» диэн этии быһаччы дакаастабылын ыар, сэрии кэннинээҕи кэми уонна ол кэм оҕолорун майгыларын үөрэтииттэн булуу ордук табыллар.
Оҕону саамай сөптөөхтүк, таба үөрэтэр кэм сэрии кэннинээҕи кэмҥэ кэлэн ааспыт. Биһиэхэ 45-70 сылларга төрөөбүт оҕолор онно сөп түбэһэллэр. Оччотооҕу кэмҥэ олох кыһалҕатыттан кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара сөпкө иитиллибит оҕолор улаатан баран быстах быһыыга түбэһэллэрэ, сыыһа-халты туттуналлара биллэр аҕыйах. Бу кэмҥэ төрөөбүт, иитиллибит оҕолор билигин сааһырбыттарын, бары пенсияҕэ тахсыбыттарын кэннэ ахсааннара элбэх, олохторун кыһалҕатыттан кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн үлэни кыайаллар, эрэйи билэн, көрсүө, сэмэй майгыламмыттар, киһи быһыылаахтык олороллор, оҕолорун эмиэ көрсүө, сэмэй майгыга, үлэҕэ үөрэппиттэр.
Кэлин «Бары-барыта үчүгэй буолла, олохпут тубуста» диэн дьону албыннаабыт сэбиэскэй былаас эстиитигэр оҕону иитии, үөрэтии аҥардастыы атаахтатыы, маанылааһын өттүгэр халыйыытыттан, барыта оҕолор тустарыгар диэн ыҥырыынан салаллыбытынан, ол кэмнээҕи оҕолор бары атаах майгыланан хаалыыларыттан, кэлэр көлүөнэлэр иитиилэрэ ордук мөлтөөтө.
Ырыыныак олоҕун кыһарыйыыта элбэх ахсааннаах үлэһиттэр өйдөрүн-санааларын сыыйа-баайа көннөрөн, оҕолорун үлэлииргэ-хамсыырга үөрэтэллэрэ эбиллэн иһэр. Олохпут уларыйыыта эйэлээхтик, сыыйа-баайа баран иһэринэн, урукку, сэбиэскэй кэмнээҕи үөрэҕи тутуһааччылар, оччотооҕу кэм маанылаабыт араас учуонайдарын, суруйааччыларын «айыы үчүгэй» диэн сыыһа өйдөрүн-санааларын дьон бэйэлэрин өйдөрүнэн-билиилэринэн арааран билэн, туттубат буолуулара үөскүө этэ.
Улааппыт, бэйэтэ өйүн-санаатын ситэн эрэр оҕоҕо, улахан да киһиэхэ ону-маны ыган-хаайан оҥотторо, биллэрэ сатааһын утарсыыны, сөбүлээбэт буолууну үөскэтиэн сөп. Арыгыны аһара бобуу, суох оҥоро сатааһын эдэрдэр утарсар, утары оҥорор санааларын күүһүрдэринэн үчүгэйи ситиһэ сатааһыны ордук улахан куһаҕаҥҥа кубулутуон сөп.
Аҕыйах ахсааннаах омуктар киһи өйүн-санаатын уратыларын таба туһанар, омуктарын күүһүрдэр кыахтаахтар. Ыган-хаайан сахалыы саҥарары бобон, нууччалыы эрэ саҥарда сатааһын, төттөрү түмүктэри биэрэр кыаҕын туһаныы эрэйиллэр. Оҕолору оскуолаҕа сахалыы үөрэтэллэрэ аҕыйаҕыттан, төрөппүттэр бэйэлэрэ оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн сахалыы эрэ саҥардан иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ олохсуйан барыыта сахалар элбииллэригэр, тылларын, үгэстэрин оҕолор кыра, ийэ куттара иитиллэр кэмигэр иҥэрэр кыахтаналлара өйдөрө-санаалара туруктаах буолуутугар тириэрдэр.
Сэбиэскэй былаас кэмиттэн репрессия күүһүттэн аһара баһыттаран, сабырыттаран олорууну билинэн, үөрэҕи-билиини нууччалартан эрэ ылынартан төрөөбүт тылы үөрэтэргэ төрөппүттэр соччо кыһаммат буолан хаалыылара элбии сылдьыбыта. Үгүстэр оҕолорун нууччалыы эрэ билэргэ, саҥарарга үөрэтиилэрэ уопсай биир тыллаах сэбиэскэй норуоту үөскэтэ сатаабыттарыттан уонна биир тылы үөрэтии үөрэҕи-билиини чэпчэтэр курдук, сыыһа санааттан тэнийбитэ.
Сайдыыны билиниибит ханньары баран билигин Россия күүһүрүүтэ кыра омуктары үтүрүйүүнэн, баайтан-малтан туоратыынан ситиһиллэр кэмҥэ кэллэ. Саха араадьыйатын сахалыы биэриилэрин, детсадтарга, оскуолаларга сахалыы үөрэтиини аҕыйатан иһии, сахалары эстиигэ тириэрдэр кыахтааҕыттан, бэйэлэрин омуктарын төһө кыахтара баарынан көмүскүү, харыстыы сатыылларын үөскэтиитэ, кыһалҕа кыһарыйарыгар кубулуйда. Маннык балаһыанньа үөскээһиниттэн саха омугу харыстыыр кыах биир эрэ баар. Ол төрөппүттэр оҕолоро саҥа саҥаран эрдэҕиттэн саҕалаан оскуолаҕа киириэн иннинэ сахалыы саҥарарга, үгэстэргэ үөрэтэн кэбиһэллэригэр олоҕурар.
Бу кэмҥэ оҕо өйө-санаата ордук күүскэ сайдарынан, ийэ кута үөскүүрүнэн ылыммыт үөрэҕэ үйэтин тухары дьайа сылдьарынан ордук улахан туһалаах. Бары төрөппүттэр ылсан туран дьарыктаннахтарына ситиһэр кыахтара улаатар.
Үөһээттэн кэлэр ыгыынан-хаайыынан, кыһалҕа кыһайыытынан туһанан оҕолору кыра эрдэхтэринэ сахалыы өйгө-санааҕа, киһилии быһыылаах, майгылаах буола улааталларыгар үөрэтии олоххо киирэрэ ордук табыллар.
Физикэ сокуонун быһыытынан ханнык баҕарар баттааһын утары өттүттэн хардары баттааһыны үөскэтэр. Саха тылын аҕыйатыы, туттуллууттан туората сатааһын сахалар, төрөппүттэр ордук ылсыһан туран оҕолорун саҥа саҥаран эрдэхтэриттэн, аан маҥнайгы саҥарар тылларыттан саҕалаан сахалыы үөрэтэ сатааһыннарын тарҕаттаҕына, туһаны аҕалара элбиир. Ырыынак олоҕо салгыы сайдан баран истэҕинэ, ордук тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар, оҥорон таһаарар үлэни-хамнаһы кыайааччылар баһылааһыннара сайыннаҕына, сахалыы өй-санаа оннун булар.
Кыһалҕа кыһайыытын тулуйарга, кыайан аһарынарга киһиэхэ тулуурдаах, дьулуурдаах буолуута ордук күүстээҕэ, өйө-санаата туруктааҕа, өсөһө, ыһылла сылдьыбата эрэйиллэр. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ киһиэхэ ити күүстэри биэрэр кыаҕын төрөппүттэр табан туһаныылара үөрэх-билии сайдыбыт кэмигэр ханнык да уустуктары үөскэппэт. (2,88).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Үлэ-олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.
2. Каженкин И.И. Улуу тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.