Куулар Начын Сергеевич

Начын Сергеевич Куулар (тыв. Начын Сергей оглу Куулар, төр. 1995 сыл бэс ыйын 9 күнэ, Кызыл) — Арассыыйа тустууга, Европа чөмпүйэнээттэрин призера.

Биографията

1995 сыллаахха Тываҕа Кызыл куоракка төрөөбүтэ. 2015 сыллаахха юниордарга Европа чөмпүйүөнэ буолбута[1].

2016, 2017 уонна 2018 сыллаахха байыаннай сулууспалаахтар ортолоругар аан дойду чөмпүйэнээтин кыайбыта. 2019 сыллаахха Европа чөмпүйэнээтигэр боруонса мэтээли ылбыта[2].

2023 сыл ахсынньытыгар Казахстаан гражданствотын ылан, 2024 сылтан ыла бу дойду иһинэн кыттар[3]. 2024 сыллааҕы Казахстаан чөмпүйэнээтигэр боруонса призер[3].

Куулар Начын 2025 сыллааҕы Азия Чөмпүйэнээтигэр 70 кг диэри ыйааһыҥҥа кыттан, 4-с миэстэни ылбыта[4].

65 кг диэри ыйааһыҥҥа Казахстаан Кубогын хаһаайына[5].

Куулар Начын 2025 сыллааҕы Аан дойду Чөмпүйэнээтигэр дойдуну көрдөрүөхтээх Казахстаан сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирбитэ[6].

Успуорт көрдөрүүлэрэ

Арассыыйаттан

  • Юниордарга Тустууга Европа Чөмпүйэнээтэ 2015 — 1
  • Тустууга байыаннай сулууспалаахтарга Аан дойду чөмпүйэнээтэ 2016 — 1
  • Тустууга байыаннай сулууспалаахтарга Аан дойду чөмпүйэнээтэ 2017 — 1
  • Тустууга байыаннай сулууспалаахтарга Аан дойду чөмпүйэнээтэ 2018 — 1
  • 2018 сыллааҕы көҥүл тустууга Арассыыйа Чөмпүйэнээтэ — 3
  • 2019 сыллааҕы көҥүл тустууга Арассыыйа Чөмпүйэнээтэ — 2
  • 2019 сыллааҕы тустууга Европа Чөмпүйэнээтэ — 3

Казахстаантан

  • 2024 сыллааҕы көҥүл тустууга Казахстаан Чөмпүйэнээтэ — 3
  • Көҥүл тустууга Казахстаан кубога 2025 — 1

Дьиэ кэргэнэ

Кэргэннээх, икки уол оҕолоох: Кунчен (2019 төр.) уонна Ананд (2021 төр.).

Сигэлэр

  1. Начын и в Европе — орёл (рус.). tuvapravda.ru. Тувинская правда (30 Бэс ыйын 2015). Сигэнии күнэ: 20 Атырдьах ыйын 2025.
  2. Куулар выиграл бронзу на чемпионате Европы в Румынии (рус.). karate.ru. РИА Новости Спорт (9 Муус устар 2019). Сигэнии күнэ: 20 Атырдьах ыйын 2025.
  3. 1 2 Начын Куулар: Я выбрал Казахстан для реализации своей олимпийской мечты (рус.). sportplustv.kz (5 Олунньу 2024). Сигэнии күнэ: 20 Атырдьах ыйын 2025.
  4. Разгромом завершился поединок казахстанца с вице-чемпионом мира за медаль ЧА-2025 по вольной борьбе (рус.). www.sports.kz (29 Кулун тутар 2025). Сигэнии күнэ: 20 Атырдьах ыйын 2025.
  5. Кубок Казахстана по борьбе: новые имена в сборной (рус.). olympic.kz. sportplustv.kz (1 Бэс ыйын 2025). Сигэнии күнэ: 20 Атырдьах ыйын 2025.
  6. Альберт Ахметов. Бывший российский борец представит Казахстан на чемпионате мира (рус.). www.caravan.kz (12 Атырдьах ыйын 2025). Сигэнии күнэ: 20 Атырдьах ыйын 2025.