Киһилии киһи

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Киһилии киһи диэн этии киһи өйө-санаата көннөрү киһиттэн өссө тупсубутун, көммүтүн биллэрэр.

Олус былыргы дьон өйдөрө-санаалара улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан сайдан иһиитэ улахан үктэллэри өрө тахсан иһиигэ маарыннаан бииртэн-биир кэлэн, үрдээн биэрэллэр. Билигин сиэри таһынан куһаҕан, ыар быһыылары оҥорууттан ураты киһи өйө-санаата сайдан лаппа үрдүк таһымҥа таҕыста.

Былыргы дьон өйдөрө-санаалара сайдан киһи буолууну ситиспиттэрин кэнниттэн ол таһымтан өссө сайдан тупсууну ситиһэр кыахтаммыт. Дьон тугу барытын сөпкө, таба оҥорууну кыайар буолан бараннар өссө тупсаҕайдык оҥоро сатыырга дьулуспуттар.

Өссө тупсубуту, үчүгэй буолбуту бэлиэтээн хос этэн чиҥэтэн биэрии саха тылыгар элбэхтик туттуллар. Киһилии киһи диэн этии элбэхтик туһанылар. Киһиттэн өссө тупсубут, өйө-санаата сайдыбыт киһи буоларын бэлиэтээн итинник этиллэр.

Сайдыыны ситиһии дьоҥҥо барыларыгар биир тэҥҥэ тиийэн кэлбэт. Сорохтор киһи буолууну саҥа ситиһэ сатыыр буоллахтарына, сорохтор аһара баран, өссө тупсан киһилии киһи буолары ситиспиттэрэ ырааппыт.

Сахалар киһилии киһи буолары үчүгэй киһи буолуу өссө үөскүү илигинэ ситиспиттэрэ сөп. Өй-санаа бу уларыйыыта сахалыы тылларынан этиллэрэ сахалар олус былыргы кэмнэртэн өй-санаа үөрэҕин дириҥник баһылаабыттарын биллэрэр. Сайдыыны ситиһии бииртэн биир кэлэн иһэр үктэллэри өрө тахсан иһии курдук кэлэн иһэрэ маннык бэлиэтэнэр:

1. Улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан сайдан, тупсан киһи буолуу, киһилии быһыыланыы ситиһиллэр. Дьон киһи буолар баҕа санааларыттан киһи таҥара үөскээн сайдыбыт. Дьон тугу барытын сөптөөхтүк, табатык оҥорууну кыайар буолаллар.

2. Киһи өйүттэн-санаатыттан, оҥорор быһыыларыттан өссө тупсууну ситистэҕинэ киһилии киһи буолуу кыаллар. Киһилии киһи диэн саныыр санаата, саҥарар тыллара уонна оҥорор быһыылара киһиттэн өссө тупсубут киһи буолар. Өй-санаа бу тупсуутуттан, оҕо улахан киһи буолар баҕа санаатыттан улахан киһи таҥара Будда үөскээн сайдыбыта.

3. Өй-санаа өссө сайдыыта үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныыта, киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин билиниитэ, үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорор үчүгэй киһи буолар баҕа санаа дьоҥҥо тарҕаммыта. Үчүгэй киһи буолуу үөрэҕэ Христос таҥараны үөскэппитэ.

4. Билигин дьон өйдөрүн-санааларын сайдыыта үчүгэй киһини аһара баран үчүгэйтэн үчүгэй киһи буола сатааһын диэки салаллан эрэр.

5. Дьон өйө-санаата өссө сайыннаҕына кэрэ киһи буолуу кэлиэ диэн этии өй-санаа үөрэҕин билбэт буолуу бэлиэтэ. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи оҥорор быһыылара икки өрүттээхтэрин уонна кэрэ буолуу кэнниттэн эргийэн, солбуйсан биэрэллэрэ кэлэн эрэрин билбэт дьон этиилэрэ. Кэрэ буолуу кэнниттэн кэрээнтэн тахсыы, омук эстиитэ кэлэрин сахалар билэллэр.

“Кэрэттэн кэрэ диэн, кэрэ кэрэтэ диэн киһи буолуох тустаах”,- диэн С.Омоллоон эппит. Үгүстэр этэллэринэн, кини искусство, уус-уран литература айымньыларыгар киэргэтиллэн эрэ кэрэ, оттон дьиҥнээх олохпутугар ырааҕынан оннуга суох. (1,5).

Кэрэ диэн көстүү ааттанар. Кэрэтик үлэлээһин диэн суох. Киэргэммит, кэрэ буолбут киһи үлэлээбэт, үлэни сирэр. Омук дьоно кэрэ буолууга тиийэн хааллахтарына, ырыаны, үҥкүүнү өрө туттахтарына, артыыстыы сырыттахтарына үлэни кыайбакка эстэр, симэлийэр, атыттарга, үлэни кыайааччыларга баһыттарар, үтүрүттэрэр кэмнэригэр киирэллэр.

Киһи өйө-санаата сайдыыта, тупсуута уонна кэхтэн эстиитэ сахабыт тылыгар чопчу этиллэн сылдьар.

Кэрэ киһи кэнниттэн кэрэх диэн тыл кэлэр. Бу тыл уларыйбат турукка киириини, дьон көрө сылдьар бэлиэлэрин биллэрэр. Кэрэ буолуу кэнниттэн омук эстэрэ, симэлийэрэ, атын омукка кубулуйара илэ тиийэн кэлэрин биллэрэр. (2,114).

Саха дьоно кэрэ буола сатаабакка, көрсүө, сэмэй буолан үлэни-хамнаһы кыайарга кыһаналлар, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ, көрсүө, сэмэй буолууга ииттэллэр, үөрэтэллэр. (3,94).

Туһаныллыбыт литература

1. Попов Б.Н. Киһи киһиэхэ сыһыана. – Дьокуускай: Бичик, 2009. - 96 с.

2. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2016. – 148 с.

3. Каженкин И.И. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.