Кинг Мартин Лютер

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мартин Лютер Кинг

Кинг Мартин Лютер (Martin Luther King, Jr.) (1929, тохсунньу 15, Атланта, Джорджия — 1968, муус устар 4, Мемфис, Теннесси), америка уопсастыбаннай диэйэтэлэ, негрдар гражданскай бырааптарын иһин охсуһууларын салайааччыта. Эйэ иһин охсуһуутун иһин 1964 сыллаах Нобель бирииһин лауреата.

Кыра эрдэҕиттэ негрдар бырааптарын иһин күһүлэҥэ суох охсуоһуохха наада дии саныыр этэ. 1954 сыллаахха Алабама штатыгар Монтгомери куоракка таҥара дьиэтигэр пастор буолбут уонна аныгыскы сылка Бостон университетыгар философия билимин докторын степенын көмүскээбитэ. Негрдар положенияларын тупсарыытын ассоциациятыгар салайаччытынан үлэлии сылдьан уопсастыбыннай транспорт бойкотун тэрийбитэ. Ол акцията АХШ Үрдүкү суутугар тиийэн сегрегацияны бобор дьаһалы ылбыта. 1957 сыллахха "Соҕуруу христианнар лидердарын конференциятын" тэрийбитэ уонна салалтатын ылбыта. Ол конференция туһаайыытынан дойду үрдүнэн негрдар бырааптарын иһин күһүлэҥэ суох охсуһуохха наада диэн темалаах лекциялары аахпыта. Кингка кини Индияҕа 1959 сыллаахха айана улахан сабыдыалы оҥорбута. Махатма Ганди үөрэҕин сабыдыалланан гражданскай быраап иһин охсуһуутун ньымаларын толкуйдаабыта.

Кинг Вашингтон маршыгар "Мин баҕа санаалаахпын..." диэн тылы этэ турар

1960 сыллахха Атланта куоракка төннөҥ Эбензер баптиис таҥара дьиэтин паастора буолбута, уонна сегрегация утары акциятыгар тутуллар. Кинг хайыыга угуллуута болҕомтону аҕалбыта, президеҥҥа хандидаат Джон Кеннеди босхолонорун иһин ходатайстволаабыта. 1963 сыллахха Вашингтоҥҥа марш тэрийбитэ, онно 200 тыһ курдук киһини хомуйбута. Ол бириэмэтигэр олус биллэр "Мин баҕа санаалаахпын..." тылын эппитэ. Ол марш гражданскай права сокуонун ыларга улахан сабыдыалы оҥорбута, онтон Кинг 1964 Нобель бириэмийэтин ылбыта. 1965 сыллаахха Селматтан Монтгомерига (Атланта) дылы марш тэрийбитэ, ол гынан баран штат национальнай гвардиятын саллааттара тохтоппуттара. Ол иһин атын гражданскай бырааптар иһин охсуһар лидердар наһаа сымнаҕас уонна толлугас диэн кириитикэлээбиттэрэ. Ол кэнниттэн Кинг быдан кытаанах формаҕа тыл этэр буолбут. Вьетнамҥа США агрессиятын тохтотор курдук тыл эпиитэ. 1968 сыллахха сантехниктар забастовкаларын өйүү Мемфиска кэлбитэ уонна муус устар 4 күнүгэр расист Джеймс Эрл Рей өлөрбутэ.

Атлантаҕа Мартин Лютер Кинг төрөөбүт сирин - Суит Оберн квартала национальнай мемориал буолбут. Бу негрдар общиналарын культурнай центра буолар. Манна Кинг төрөөбүт дьиэтэ, Збензер баптиист таҥара дьиэтэ, Религия икки ардыгар эйэҕэ анаммыт чочуобуна уонна Кинг мемориальнай музейа баар. АХШга тохсуннньу 15 күнэ Мартин Лютер Кинг төрөөбүт күнэ - национальнай бырааһынньык буолбута.