Касьянов Василий Гаврильевич

Касьянов Василий Гаврильевич — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

1911 сыллаахха Үөһээ Бүлүү өргүөт с. төрөөбүт. Кыһыл Аармыйаҕа 1942 сыллаахха бэс ыйыгар Бүлүү оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыт.

1942 сыл алтынньытыттан ахсынньыга дылы Сталинградскай фроҥҥа 95-с СП кэккэтигэр сэриилэспит. Ньурба Сүлэтиттэн сылдьар Филиппов Константин Семеновичтыын бииргэ сылдьыбыттар. 1942 сыл ахсынньы 21 күнүгэр ыараханнык бааһырбыт.

Дойдутугар эргиллэн кэлэн Хороҕо кооперация систиэмэтигэр өр сылларга үлэлээбит, уон оҕолоох.[1]

Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьана (30.05.1951)[2]

Быһаарыылар

  1. Г. И. Васильев. Сталинграды көмүскэспит буойуннар. — Дь.: Бичик, 2013. — 126 с. — ISBN 978-5-7696-3880-0
  2. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»