Иванов Петр Михайлович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Иванов Петр Михайлович

Иванов Петр Михайлович — мэдэссиинэ билимнэрин доктора, профессор.

Олоҕун олуктара

1938 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1957—1960 сс. — Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт.
1960—1966 сс. — Саха государственнай университетыгар медицина факультетыгар үөрэммит.
1965 с. — Дьокуускайдааҕы республиканскай онкодиспансер, лаборант.
1966—1971 сс. — С. Орджоникидзе аатынан Дьокуускай куорат клиническэй балыыһата, хирург.
1971—1974 сс. — Томскайдааҕы мединститут аспирантуратыгар үөрэммит.
1975 с. — медицина билимнэрин кандидатыгар «Острый холецистит при холедохолитиазе — хирургическая тактика и лечение» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
1977 сылтан — Саха государственнай университетыгар онкология курсун сэбиэдиссэйэ.
1983 с. — доцент.
1997 с. — медицина билимнэрин докторыгар «Рак пищевода и желудка, как краевая патология на Крайнем Севере» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
1999 с. — профессор.

368 научнай үлэ суруйбут, ол иһигэр 8 монография.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха АССР үтүөлээх бырааһа (1990)
  • П. А. Петров аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай бириэмийэтин (доруобуйа харыстабылын уонна медицина уобалаһыгар) лауреата

Сигэлэр