Иванов Илья Семенович
Иванов Илья Семенович (оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна.
Олоҕун олуктара
1933 с. тохсунньу 10 күнүгэр Сунтаар оройуонун Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ[1]
1953 с. Элгээйигэ орто оскуоланы бүтэрээтин кытта Садын оскуолатыгар ыыппыттара.
1964 с. диэри Тойбохойго, Элгээйигэ оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ.
Ити кэнниттэн сүүрбэттэн тахса сыл норуот үөрэҕириитин отделын салайбыта. Бу сылга оскуолаларга кабинетнай систиэмэ күүскэ киирбитэ, сүрүн предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр кабинеттар, туристическай үлэлэр сайдыбыттара. 1975 с. Сибиир, Уһук Илин оскуолаларын дириэктэрдэрин семинара Тойбохойго ыытыллыбыта. 1985 с. үөрэх отделларын сэбиэдиссэйдэрин семинара эмиэ Сунтаарга барбыта. Сунтаар оройуона оскуолалары саҥа үөрэх сылын бэлэмнээһиҥҥэ хаста да бастакы миэстэлэри ылаттаабыта. Yc төгүл РСФСР Көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамята Сунтаар оройуонугар туттарыллыбыта. Сунтаардааҕы 2 №-дээх оскуолаҕа Илья Семенович Иванов аатын иҥэрбиттэрэ[1][2]
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
- Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
- РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна.
- Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо[3]
Аатын үйэтитии
Сунтаар 2 №-дээх оскуолатыгар Илья Семенович Иванов аатын иҥэрбиттэрэ[4];
2000 с. сэтинньи 28 күнүттэн Сунтаар с. киинигэр баар А. Матросов аатынан переулок Илья Иванов аатынан уларытыллыбыта.[5]
Кини туһунан суруйуулар, кинигэлэр
1. Бессонов Г. Е., Талааннаах салайааччы. [РСФСР үөрэҕин министерствотын уонна профсоюз киин комитетын Знамяларын икки төгүл ылбыт, үөрэҕирии үлэһитэ Илья Семенович Иванов туһунан] — : , //Сунтаар сонуннара. . — 1999. — Ахсынньы 23 күнэ-С. 3;
2. Илья Семенович Иванов: үөрэхтээһиҥҥэ анаммыт олох. Автор: [хомуйан оҥордулар: П. С. Иванов, Н. И. Алексеев, Т. Г. Иванова, 2006
3. Филиппова Г. , «РОНО сэбиэдиссэйдэрин Аксакала». [РОНО сэбиэдиссэйэ Илья Семенович Иванов туһунан] — : , //Сунтаар сонуннара. . — 1999. — Алтынньы 30 күнэ-С. 3;
6. Сивцев-Таппа И., Улахан олох сыдьаайа. [оройуон үөрэҕин салаатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Илья Семенович Иванов туһунан «Үөрэҕириигэ анаммыт олох» диэн кинигэ сүрэхтэниититтэн] — : , //Сунтаар сонуннара. . — 2007. — Балаҕан ыйын 27 күнэ-С. 2
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 Педагогическая энциклопедия / М-во образования Респ. Саха (Якутия); [науч. ред.: Михайлова М. Г. д.п.н., проф ЯГУ, Петрова С. М. д.п.н., проф. ЯГУ ; сост. Иванова В. С.]. — Якутск, Т. 1. — 2000. — 323 с.
- ↑ Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно / хомуйан оҥордулар: Н. Н. Спиридонов, А. К. Васильев; эп.эрэд: Т. Н. Иванова уо.д.а. — Дьокуускай : Чопчу, 2020. — 464с.
- ↑ Сунтаар улууһугар үөрэҕирии сайдыыта / [хомуйан оҥорон бэчээккэ бэлэмнээтилэр: И. Т. Назаров, Н. И. Алексеев; эппиэттиир ред. М. И. Аввакумова]. — Дьокуускай : Бичик, 2009. — 272 с.
- ↑ Образование — яркое отражение эпохи. История развития образования в Сунтарском улусе в фактах, вос- 0-23 поминаниях, фотографиях (1862—2012 гт.) / М-во образования Респ. Саха (Якутия), Муниц. казен.учреждение «Му- ницип. орган управления образования» Администрации муницип. р-на «Сунтар. улус (р-н)» Респ. Саха (Якутия); [сост.:Т. Т. Жиркова, Е. И. Попова; гл. ред. Т. Т. Жиркова]. — Якутск Компания «Дани-Алмас», 2013. 552 с.
- ↑ Сунтар от века к веку: очерки истории села / к. Е. Яковлев, Н. К. Кузьмина. — Якутск : Дани-Алмас, 2014. — 160 с.