Дулҕалаах (өрүc)
Дулҕалаах өрүс. Сартаҥ өрүһү кытта холбоһон Дьааҥы өрүһү үөскэтэр. Уһуна 507 км., тардыытын иэнэ 27300 км². Баһа Верхоянскай сис хотугу эниэтигэр баар.
Тардыытыгар 1100 күөл уонна 60 км² уопсай иэннээх 25 тарыҥ баар. Алтынньыттан ыам ыйыгар диэри тоҥ. Уҥаттан Эчий (136 км.), хаҥастан Орто Салаа (119 км.) диэн салаалардаах.
Ылыллыбыт сирэ
Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.