Доҕордоһуу түмэлэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Доҕордоһуу түмэлэ — Саха сиригэр нууччалар кэлиилэрин көрдөрөр түмэл.

Доҕордоһуу түмэлэ Өлүөнэ өрүс орто сүүрүгэр уҥа кытылга Суотту дэриэбинэ таhыгар, Дьокуускай куораттан сэттэ көс ыраах турар. Аhаҕас халлаан анныгар турар устуоруйа-архитектурнай түмэл буолар.

Түмэл Саха Сирин биллэр айар суруйааччы Суорун Омоллоон көҕүнэн тутуллубут. Бу «Ленскай острог» (Дьокуускай) урукку сиригэр тутуллан турар. Ол острогу биллэр сир арыйааччылара аспыттара, кинилэр быыстарыгар Семён Дежнев, Иван Москвитин, Ерофей Хабаров. Түмэл киинигэр, халлаан анныгар Зашиверскай Спасскай Церковын острога баар. Церковь тула Саха Сиригэр олорор норуоттар дьиэлэрин көруҥнэрэ тутуллан тураллар. Хотугу норуоттар култууратын ис хоhоонун кэпсиир араас сыаналаах маллар бааллар. XIX—XX үйэтээҕи сахалыы былыргы таҥастар, үрүҥ көмүс киэргэллэр, чороон араас көруҥнэрэ баар. Ол таhынан түмэл элбэх уруhуйу мунньан олорор.

Түмэл турар сирин айылҕата, экспонаттарыттан хаалсыбат көрүҥнээх.

Суолбут устун баран иhэн бастакынан Балаҕаны көрөбүт — сахалар кыhын олорор дьиэлэрэ. Былыргы түөрт муннуктаах дьиэни түргэнник тутуохха сөп. Истиэнэтин чараас хаптаhынынан саайаллара. Дьиэ сууллубатын курдук балаҕан ортотугар саамай кытаанах остуолбалары туруораллара. Муостатыгар тэпсиллибит буор сытара, кырыыhатыгар хаптаhынан бүрүйэн баран буор куталлара. Истиэнэтин тас өттүттэн буору кытта буккуллубут балбааҕынан сыбыыллара. Соҕуруу өттүгэр абааhылар олороллор диэн тахсар ааны илин диэки көрөр гына оҥороллоро. Ол иhин сахалар дьиэлэрин кэннигэр тыа турар буолара. Түннүгү былыргы сахалар тардаллыбыт оҕус хабагынан уонна муустан оҥороллоро. Балаҕан иhэ боростуой буолара. Кирии аан уҥа өттүгэр көмүлүөк оhох турар. Оhох дьиэ ортото буолара. Истиэнэ тула ороннор турараллара. Дьиэ хаhаайынын миэстэтин аата Дархан орон.

Ураhа- былыргы сахалар сайыҥҥы дьиэлэрэ. Көҥүстүү быһыылаах турар уhун мастарынан оҥоhуллара. Иhинээҕитэ балаҕан киэнин курдук буолара. Yөhээтигэр буруо тахсар хайаҕас баар.

Түмэл киинигэр салҕыы баран иhэн Индигир өрүс кытылыгар 1700 сыл. тутуллубут Спасскай церковь куоппуйатыгар тиийэбит, хомолтолоох түбэлтэнэн биллибит хара оспаттан өлбүт «Зашиверскэй острог». Соторутааҕыта тутуллубут да буоллар, сахаларга улахан устуоруйа уонна архитектурнай оруолу оонньуур.

Сыаркап кэннэ Баасап атыыhыт дьиэтэ кэлэр. Ол эмиэ түмэл буолан турар. Иhигэр элбэх араас мал баар.

Салҕыы баран истэххэ тыал миэлниссэтэ кэлэр. Онно киирэн ис оҥоhуутун көрө-көрө хаартыскаҕа түhүөххэ сөп. Инэн түмэл көрүүтэ бүтэр, аны көрүү вышкатыгар тахсабыт. Тахсан баран, үөһэттэн Уус-Алдан айылҕата көстөр.