Готовцев Семен Петрович - Массака уола
Готовцев Семен Петрович — Массака уола — Сахалар 1912 сыллааҕы сийиэстэрин кыттыылааҕа.
I Бороҕон нэһилиэгин киһитэ, эргиэмсик. олоҕо Үүт Турбут диэн сиргэ аартык таһыгар баара. Онон кэлэр-барар дьон быһа ааспат, эргиэмсиктэр, хаартыһыттар тэпсэр сирдэрэ эбитэ үһү.
Массака Сэмэнин туһунан Өксөкүлээх Өлөксөй кылгас хоһоон суруйбуттаах:
- Сэрсэлээх дьиэлээх Сэмэн,
- Майдааннаах дьиэлээх Массака,
- Хоромньулаах дьиэлээх Хотуоһап…
1909—1912 сылларга Байаҕантай улууһун кулубатынан П. П. Слепцов олордоҕуна Массака уола быыбарынай кулуба буола сылдьыбыт[1].
Быһаарыылар
- ↑ Слепцов Н. М. Сэдэх хаартыска туһунан. Күрүлгэн. 2012
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |