Сахалар 1912 сыллааҕы Уобаластааҕы сийиэстэрэ
Сахалар 1912 сыллааҕы Уобаластааҕы сийиэстэрэ (Съезд инородцев Якутского округа) — Арамаанаптар динаастиялара ыраахтааылаабытын 300 сылыгар түбэһиннэрэн саха бас-көс дьонноро 1912 сыллаахха атырдьах ыйын 25 күнүттэн (аныгы истиилинэн балаҕан ыйын 7 күнүттэн) балаҕан ыйын 2 күнүгэр (балаҕан ыйын 15 күнүгэр) дылы сахалар сийиэстэрин ыҥыран ыыппыттара.
Саха сирин күбүрүнээтэригэр сийиэс ыытар туһунан анал сайабылыанньаны 14 киһи оҥорбут[1]:
- Ксенофонтов Василий Никифорович
- Корякин Димитрий Герасимович
- Лепчиков Афанасий Филиппович
- Ларионов Михаил Прохорович
- Филиппов Иннокентий Николаевич
- Скрябыкин Николай Николаевич
- Старостин Егор Егорович
- Павлов Иван Филиппович
- Ларионов Михаил Николаевич (староста)
- Петров А. (таҥара дьиэтин старостата)
- Слепцов Димитрий Иванович
- Ларионов Кирилл Николаевич (кулуба)
- Широких Алексей Дмитриевич
- Никифоров Василий Васильевич
Талыылаах бэрэстэбиитэллэр
Илин Хаҥалас улууһуттан
- Лепчиков Афанасий Филиппович
- Лепчиков Федор Прокопьевич
- Платонов Иван Еремеевич
- Никифоров Гавриил Васильевич
- Ларионов Михаил Николаевич
- Ларионов Михаил Прохорович
- Васильев Иван Гаврилович
- Николаев Андрей Егорович
Кинилэргэ эбии Улуус кулубата Ларионов Кирилл Николаевич уонна суруксут Лепчиков Федор Прокопьевич.
Арҕаа Хаҥалас улууһуттан
- Иванов Петр Степанович
- Ксенофонтов Василий Никифорович
- Пудов-Петров Николай Ипполитович
- Скрыбыкин Николай Николаевич
- Шадрин Иван Петрович
Эбии Улуус кулубата Кириллов Геннадий Иванович.
Нам улууһуттан
Боотуруус улууһа
- Сокольников Прокопий Нестерович, быраас
- Шеломов Михаил Степанович
- Слепцов Григорий Вонифатьевич - Балапаат баай уола
- Слепцов Поликарп Иванович
- Сивцев Матвей Матвеевич - Маппыйдаан Маппый
- Слепцов Михаил Нестерович
- Шестаков Василий Васильевич
- Кулаковскай Алексей Елисеевич
- Оросин Роман Иванович
Ону таһынан Улуус кулубата Киприянов Никита Константинович.
Амма улууһуттан
- Рязанскай Афанасий Петрович
- Дьячковскай Иван Никитьевич
Мэҥэ улууһуттан
- Борисов Егор Михайлович
- Романов Михаил Иванович
- Слепцов Дмитрий Иванович
Ону таһынан Улуус кулубата Борисов Егор Михайлович (бу боротокуолга хос суруллубут буолуон сөп)
Бороҕон улууһуттан
- Говоров Иннокентий Степанович
- Местников Гаврил Андреевич
Байаҕантай улууһа
- Харитонов Трофим Егорович
- Петров Захар Прокопьевич
Ону тэҥэ Улуус кулубата Готовцев Иван Иванович
Дүпсүн улууһа
- Гуляев Дмитрий Михайлович
- Афанасьев Петр Алексеевич
Өлүөхүмэ уокуруга
- Капитонов Андриан Егорович
- Корнилов Петр Прокопьевич
- Кылахов Николай Николаевич
- Дягилев Тихон Иванович
Бүлүү уокуруга
- Тимофеев Николай Иванович
- Андреев Савва Емельянович
- Петров Иван Степанович
Сийиэс үлэтигэр эбии кыттыбыт дьон тиһигэ
Көрүллүбүт боппуруостар
- Арамаанаптар Дьиэлэриттэн бастакв ыраахтааҕы кэмигэр Арассыыйа Держааватыгар Саха сирэ холбоммутунан бу Дьиэ 300 сылын туолуутун бэлиэтиир туһунан
- Эҕэрдэлииргэ дьокутааттары талыы туһунан
- Аччыктааһын уонна онтон сылтаан тахсыбыт сахалар иэстэрин-күүстэрин туһунан.
- Олохтоох дьоҥҥо сир боппуруоһун туһунан
Эбии боппуруостар
- Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа ананар Ыраахтааҕы нэстилиэнньигэ Алексей Николаевич аатынан стипендия балаһыанньатын барылын уларытыы туһунан.
- Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа эбии параллельнай кылаастары арыйыы туһунан
- Сибиири үөрэтэр уопсастыба иһинэн этнография салаатын арыйыы туһунан.
- Кумалааннар тустарынан.
- Сэлии муоһуттан уонна атын матырыйааллартан оҥоһук оҥорор мастарыскыай тэрийиигэ үп булуутун туһунан.
- Олорор дьиэлэри тупсарыы туһунан.
Бастакы күн
Сийиэс күнүс биир чааска саҕаламмыт. Дьокуускай уокуругун ыспыраабынньыга Н. Л. Ходалевич баарын боротокуолга киллэрбиттэр. 6 хандьыдааттан сабыылаах куоластааһынан бэрэстээтэлинэн В. В. Никифоровы, кини солбуйааччыларынан (табаарыстарынан) А. Е. Капитоновы уонна П. Н. Сокольниковы талбыттар. Аһаҕас куоластааһынан сэкиритээрдэринэн А. Е. Кулаковскай, Р. И. Оросин уонна П. И. Слепцов талыллыбыттар.
Ыраахтааҕыга эҕэрдэ телеграмма тиэкиһэ оҥоһуллубут. Көрүллэр боппуруостар бигэргэтиллибиттэр. Сийиэс үлэтигэр ыҥырыллыбыт уонна кыттыан баҕалаахтар тиһиктэрэ оҥоһуллубут.
Онтон аныгы мунньах сарсыныгар 3 чааска анаммыт.
Иккис күнэ
Сийиэс быһаарыныыларыгар ким куоластыыр бырааптааҕын — талыллан кэлбит дэлэгээттэр эрэ дуу, ыҥырыллыбыт ыалдьыттар уонна бэйэлэрин баҕаларынан кэлбит дьон эмиэ дуу — туһунан мөккүһүү тахсыбыт. Эбии дьону ыҥырар туһунан быһаарыныы ылбыттар. рэнээччилэр стипендияларын тула кэпсэтии барбыт. Мунньах үгүс дьокутааттар Аҕа дойду сэриитин 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэргэ кытталларынан сибээстээн эрдэ 5 чааска сабыллыбыт.
Атырдьах ыйын 27 уонна 28 күннэрэ (үһүс-төрдүс күннэр, аныгы истиилинэн балаҕан ыйын 9 уонна 10 күннэрэ)
Пааматынньык тутуутун туһунан кэпсэтии барбыт. Сорохтор утараннар, ол оннугар үөрэнээччилэргэ стипендия анааһын, балыыһа арыйыы, сахалар устуоруйаларын бэчээккэ таһаарыы ордук буолуо диэбиттэр. Устуоруйаны семинария учуутала В. В. Попов суруйуон сөбүн туһунан Г. В. Слепцов эппит.
1913 сыл олунньутугар өссө сийиэс ыҥырар туһунан быһаарыныы ылыммыттар.
Санкт-Петербуурга барар дэлэгээссийэ чилиэннэрин туһунан кэпсэппиттэр.
Атырдьах ыйын 29 (бэһис күн, аныгы ааҕыынан балаҕан ыйын 11 күнэ)
Мунньах сарсыардааҥы чааһыгар аччыктааһын содулун туһунан кэпсэппиттэр, хайдах гынан үүнүү мөлтөҕүттэн нолуок кыайан төлөммөккө үөскээбит иэһи суох гынары ырытыспыттар. Оросин учуутал семинарията аһыллыытын туһунан боппуруоһу көтөхпүт.
Киэһээҥи өттүгэр мунньахха күбүрүнээтэр И. И. Крафт, вице-күбүрүнээтэр А. П. Нарышкин, Уобаластааҕы управление советнига Н. М. Березкин кыттыбыттар. Күбүрүнээтэр сири саҥаттан тыырыы туһунан сымыйа сурах тарҕаммытын туһунан кэпсээбит. Ол гынан баран кэлин хаһан эрэ син биир кыраай колонизацията буолуон сөбүн ыйбыт.
Атырдьах ыйын 30 уонна 31 күннэрэ (алтыс, сэттис күннэр, балаҕан ыйын 12-13 күннэрэ)
С-Петербуурга барарга үп туһунан уонна соҕурууттан дьон кэлэр түгэннэригэр сири сахалартан былдьаабаттарын курдук дьаһанар, таҥнарытын нуорматын элбэтэр туһунан кэпсэппиттэр. Онтон сэлии муоһуттан оҥоһуктары оҥорон атыылыыр мастарыскыайдары арыйыы туһунан кэпсэппиттэр.
Балаҕан ыйын 1 күнэ (аныгы ааҕыынан балаҕан ыйын 14 күнэ)
Музей дьиэтигэр буолбут. Олорор дьиэлэри тупсарар туһунан уонна кумалааннары иитии туһунан кэпсэппиттэр. 1 чааска мунньах сабыллыбыт, бары дэлэгээттэр сүөһү иитиитин быыстапкатыгар барбыттар. 4 чааска мунньаҕы салҕаабыттар. Музейга этнография салаатын арыйыы туһунан кэпсэппиттэр. Күбүрүнээтэргэ култуураны сайыннарарын иһин махтал сурук суруйбуттар.
Быһаарыылар
- ↑ Сийиэс боротокуоллара. «Память Якутии» ситим-сир