Гаоцзюй

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Гаоцзюй (былыргы кыт.: 高車, 高车, пиньинь: Gāojū, Gaoche — "үрдүк тэлиэгэлэр" диэн суолталаах), Тэлэ[1] (鐵勒) да дииллэр — Киин Азияҕа олорбут хуннартан төрүттээх былыргы көс омуга.

Гаоцзюйдэр 490 сыллаахха Юэбань дойдутун сэриилээн кыайаннар Илиҥҥи Казахстаан сиригэр бэйэлэрин дойдуларын тэрийбиттэрэ. Бу дойду икки аҥы арахсар этэ: хотугу уонна соҕурууҥу. Сотору буолан баран соҕурууҥу Гаоцзюй жужан диэн атын көс бииһигэр хотторон бас бэриммитэ. Хотугу Гаоцзюй өссө 45 сылга уһаан баран 540 сылга жужаннартан хотторбута уонна кинилэргэ бас бэриммитэ.

Гаоцзюйдэр түүр тыллаах былыргы уйгуур омугун өбүгэлэрэ буолаллар[2].

Гаоцзюй историята

Төрдө

Былыргы Кытай историктара гаоцзюйдар динлиннэри кытта ситимнээхтэрин билэр этилэр, ол эрээри чуолаан ханнык омуктан төрүттээхтэрин билбэт этилэр. Кинилэр санааларыгар гаоцзюйдэр чи-ди диэн омуктан үөскээбит буолуохтарын сөп. Ол туһунан аатырбыт түрколог Н. Я. Бичурин (Иакинф) суруйан турар[3].

Моҕол теорията

Н. Я. Бичурин сабаҕалыырынан гаоцзюйдар өбүгэлэрэ чи-ди омук буолар: кинилэр былыргы ааттара дили диэн этэ, онтон гаогюй динлиннэрэ уонна ойхордар диэн ааттаммыттар. Н. Я. Бичурин этэринэн чи-дилэр уонна динлиннэр былыргы моҕол тыллаах биистэртэн үөскээбиттэр[4][5]. А. С. Шабалов диэн бүрээт чинчийээччитэ Н. Я. Бичурин сабаҕалааһынын өйүүр уонна эмиэ чи-дилэр, дилилэр, гаогюйдэр уонна хойхулар (ойхордар) моҕол тыллаах этилэр диир[6]. Кини саныырынан бу омуктар IV үйэ бүтүүтүгэр былыргы кыргыстар дьайыыларын түмүгэр кинилэр тылларын ылыммыттар.

Үгэстэрэ

Гаоцзюйдэр көс омуга этилэр. Үгэстэрэ жужаннар киэннэригэр майгынныыр, ол эрээри үрдүк көлүөһэлээх тэлиэгэлээх этилэр, ол иһин "үрдүк тэлиэгэлэр" – "гаоцзюй" (高車) диэн ааттаммыттар.

Этиҥ кэмигэр улаханнык хаһытыыллар уонна ох саанан халлаан диэки ыталлар. Күһүн ойууннар хойдору араҥастыыллар уонна кыыраллар.

Өлбүт дьону сиргэ көмөллөр. Ииҥҥэ ох саа, кылыс, үҥүү угаллар.

Гаоцзюйдэр аҕа уустара

12 аҕа ууһа баар этэ:

  1. Лифули
  2. Тулу
  3. Ичжань
  4. Далянь
  5. Кухэ
  6. Дабо
  7. Алунь
  8. Моюнь
  9. Сыфань
  10. Фуфоло
  11. Циюань
  12. Юшупэй (Юкуаньпэй)

Гаоцзюйдэр баһылыктара

  • Афучжило (480—496)
  • Мивоту (496—516)
  • Ифу (516—534)
  • Юэцзюй (534—537)
  • Биди (537—540)

Эбии көр

Быһаарыылар

  1. Кляшторный С. Г. Степные империи древней Евразии. — Филологический факультет Санкт-Петербургского гос. университета, 2005. — С. 59. — 345 с. — ISBN 9785846502468
  2. Бичурин Н.Я. (Иакинф). Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена. Часть I. – СПб., 1851. – С. 248.
  3. Бичурин Иакинф. Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена (ОТДЕЛЕНИЕ V).
  4. Бичурин Н. Я. Хойху (Гаогюй) // Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена. www.vostlit.info. Тургутулунна 16 Алтынньы 2019.
  5. Бичурин Н. Я. Повествования о Доме хойху // Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена. www.vostlit.info. Тургутулунна 16 Алтынньы 2019.
  6. Шабалов А. С. Происхождение уйгуров, ойратов (калмыков) и других телэских племен XVIII в. до н. э. — XIV в. н. э. — Иркутск: Издательство Иркутского государственного технического университета, 2014. — С. 8—22. — 248 с.