Винокуров Яков Егорович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Винокуров Яков Егорович — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

1920 сыллаахха Нам улууһугар Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүт. ЫБСЛКС чилиэнэ. Гвардия сержана Винокуров бүтэһик сулууспатын сирэ — 8 ОГвИПТАБр, орудийный номер. 1944 сыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр Польша сиригэр (Рудники д. чугаһыгар, Опатувский повят) кыргыһыыга сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллыбыт.[1][2]

Нам улууһуттан төрүттээх. Донской Феодосий Семенович 1944 сыллаахха суруйбут суругар ахтыллар. Онно суруллубутунан, суоппар кууруһун бүтэрэн үчүгэй суоппар буолбут. Аадырыһа ППС 03216-Г.[3]

Быһаарыылар

  1. Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
  2. Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
  3. М. Г. Старостин. Өлбөөдүйбэт үйэ аҥаара. — Дь.: Бичик, 1995.