Васильев Иннокентий Васильевич III (Соччо)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Васильев Иннокентий Васильевич III (Соччо) - Ньурба оройуонун I Бордоҥ нэһилиэгин аатырбыт тимир ууһа Дьаҕаһын Баһылайын кэргэнигэр 1922 сыл муус устар 14 күнүгэр төрөөбүтэ.

Ситэтэ суох үөрэхтээх, Дьокуускайга ветеринардары бэлэмниир оскуоланы бүтэрэн, 1940 сыллаахха Тулагы-Киллэмҥэ ветфельдшеринэн үлэтин саҕалаабыта. 1941 сыллаахха дойдутугар Маалыкайга ветучасток сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээн испитэ. 1943 сыл от ыйыгар Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта, бастаан Ленинградскай фронт 56-с стрелковай полкатыгар, онтон III Прибалтийскай, III Украинскай, III Белорусскай фроннар састааптарыгар киирэр чаастарга сулууспалаан Ленинграды, Прибалтиканы фашистскай халабырдьыттартан босхолооһуҥҥа хорсуннук охсуспута. 1944 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыараханнык бааһыран, контузия ылан, уһуннук эмтэнэн, 1945 сыл алтынныьытыгар сэрии инвалида буолан дойдутугар төннөн кэлбитэ.

Сэрии кэннинээҕи сылларга эйэлээх олоҕу тутууга, эмсэҕэлээбит хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэриигэ туруулаһан үлэлээбитэ. 1946-1952 сылларга Ньурбатааҕы ветстанция Маалыкайдааҕы учаастагын сэбиэдиссэйинэн бэрт тахсыылаахтык үлэлээбитэ. 1952-1953 сылларга Ньурба оройуонун Бордоҥугар «Инники этэрээт» колхоз правлениетын председателинэн, онтон салгыы пенсияҕа тахсыар диэри идэтинэн Маалыкай ветучаастагын ветфельдшеринэн үлэтин түмүктээбитэ. Кини улахан дьиэ кэргэн ытыктанар аҕа баһылыга буолбута. Тапталлаах кэргэнэ, Герой ийэ Мария Афанасьевна Васильевалыын (Золотаревалыын) уон оҕону төрөтөн, улаатыннаран, барыларын үрдүк, анал орто үөрэхтээх дьон оҥортообуттара, сүүрбэ биэс сиэннэнэн, элбэх хос сиэннэнэн тапталлаах эһэ, эбэ, хос эһэ, хос эбэ буолбуттара.

Иннокентий Васильевич Васильев III Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ уонна дойду экономикатын чөлүгэр түһэриигэ өҥөтө советскай Правительствонан, республика, оройуон салалтатынан үрдүктүк сыаналаммыта. Кини аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденынан, «Хорсунун иһин» «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «В.Т.Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин», «Германияны кыайыы иһин» медалларынан наҕараадаламмыта, Саха АССР Үрдүкү Советын Президиумун бочуотунай грамотатынан икки төгүл, «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» диэн знагынан бэлиэтэммитэ, партия райкомун, райсовет исполкомун бочуотунай грамоталарын ылаттаабыта, үлэһиттэр депутаттарын Бордоҥ нэһилиэгинээҕи Советыгар депутатынан, исполкомун чилиэнинэн хаста да быыбардана сылдьыбыта.

Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ хорсуннук охсуспутун уонна сэрии кэннинээҕи сылларга үтүө суобастаах үлэтин учуоттаан, партия Ленинскэйдээҕи райкомун бюротун уонна үлэһиттэр депутаттарын оройуоннааҕы Советын исполкомун 1965 сыл ыам ыйын 8 күнүнээҕи холбоһуктаах уураахтарынан И.В. Васильев III Ньурба улууһун Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ.

Васильев Иннокентий Васильевич III 1988 сыл муус устар 20 күнүгэр 66 сааһын туолаат, Маалыкайтан төрөөбүт-үөскээбит алааһыгар Тойон Уйалаахха барар суол кытыытыгар Бээкимдэ диэн алаас халдьаайытыгар көмүллүбүтэ.