Бэтлэһэм

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бэтлэһэм
Билэ:Bethlehem in Palestine.svg
Бэтлэһэм Палестина хаартатыгар

Бэтлэһэм (Bethlehem, Палестина хотото. Арҕаа кытыл сиригэр баар. Бэтлэһэм улууһун киин хотото. Олохтоохторун ахсаана 25,000 кэриҥэ. Сүрүн омуга Палестина арабтара, үксэ мусулмааннар, аҕыйаҕа христианнар. Хото экономиката туризмтан улахан тутулуктаах. Ытык оруннарга сылдьаары атын дойдулартан турист бөҕө кэлэр. Чуолаан кыһын Исус төрөөбүт хаспаҕа уонна Рахил иинэ.

Бэтлэһэм аан маҥнайгытын б.э.и. 1350–1330 сылларга ахтыллар (Амарна суруктара). Давид төрөөбүтэ. Давид манна холбоһуктаах Ыһыраайыл хоруоллугун үһүс баһылыгынан сыбаныллыбыта. 132–136 сылларга Бар-Кохба өрө туруутугар Адриан император Бэтлэһэмы бүтүннүүтүн урусхаллаабыта. Кэлин Улуу Константин ийэтэ Елена хото сөргүтүүтүн саҕалаабыта. Константин ийэтин үлэтин салгыы кэҥэппитэ. 327 сылга Исуска анаммыт Төрөөһүн сыаркаба тутуллан бүппүтэ. 637 сылга Бэтлэһэмы арабтар баһылаабыттара. 1099 сылга Бэтлэһэмы Мөмүлүүктэр кириэстээхтэри кыайаннар Бэтлэһэмы ылбыттара. 1516-1517 сыллардааҕы Осман-Мөмүлүүк сэриитин түмүгүнэн Бэтлэһэмы Британия мандаттаах Палестина). 1948 сыллааҕы Араб-Исраил сэриитигэр Бэтлэһэмы Араб-Исраил сэриитигэр Бэтлэһэмы Палестина Илин салалтатыгар бэриллибитэ.