Бэлкэчи
Бэлкэчи нэһилиэк (нууч. Белькачи). Уус-Маайа улууһун уһук арҕаа сытар нэһилиэгэ, киинэ Бэлкэчи.
Арҕаа уонна соҕуруу өттүттэн Алдан улууһун кытта быысаһар, хоту өттүттэн — Амма улууһун кытта.
Улуус кииниттэн 251 км. соҕуруулуу-арҕаа диэкки Алдан өрүс үрдүгэр сытар.
Нэһилиэнньэтин ахсаана 174 киһи (2007 сыл).
Нэһилиэктэн төрүттээхтэр
- Ехануров Юрий Иванович, 2005 - 2006 сылларга Украина премьер-министра, 2007 - 2009 сылларга Украина оборуонатын миниистирэ.
Ылыллыбыт сирэ
Энциклопедия Якутии, М., 2000 г.