Бырдах уратыта

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бырдах диэн айылҕа тыынар-тыыннаахтарын хааннарын сииргэ аналлаах кыра үөн ааттанар.

Айылҕа быдан былыргы кэмнэртэн ыла үөскээһинэ уонна сайдан иһиитэ олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатынан тутулуктанар. Айылҕаҕа туһата, наадата суох диэн туох да суох. Туох баар барыта олох кыратыттан улаханыгар диэри бэйэ-бэйэлэрин кытта хардары-таары, иккилии өттүттэн тутулуктаах сылдьаллар. Маны көнөтүк быһаардахха Күн уотун күүһүттэн, дьайыытыттан уонна Сиртэн уоҕурдууну ылынан от үүнэр, оту сиэн сүөһү улаатар, аны сүөһүнү идэһэ оҥостон киһи олоҕун салгыыр. Киһи олоҕо Күнтэн уонна Сиртэн, иккиэннэриттэн холбуу тутулуктаах. Маннык иккилии өттүттэн тутулуктар саамай бытархай, кыра эттиктэртэн, үөннэртэн саҕалаан бары үүнээйилэри, мастары уонна тыынар-тыыннаахтары барыларын хабаллар. Бу тутулуктарга хайаларыгар эмэ уларыйыы таҕыстаҕына биирдэһэ эмиэ уларыйарыгар тиийэрэ Айылҕаҕа кэмиттэн кэмигэр хамнааһыннары үөскэтэр.

Айылҕаҕа араас элбэх тыынар-тыыннаахтартан, көтөрдөртөн, кыыллартан уонна дьонтон ураты өссө үгүс үөннэр-көйүүрдэр бааллар. Бу үөннэртэн киһиэхэ быһаччы дьайыыны оҥорор бырдаҕы уонна хааны сиир үөннэри барыларын, олор туох туһаны оҥороллорун ырытан көрүөхпүт.

Бырдаҕы дьон-аймах барыта билэр. Сорох, кураанах соҕус сирдэргэ бырдах аҕыйах буоллаҕына, атын сииктээх сирдэргэ былыт курдук көтөр, хара тордох курдук киһиэхэ саба түһэр, дыыгынаабытынан кэлэн ыйыппакка даҕаны үрдүгэр түһэн кэйиэлээбитинэн барар.

«Айыы – айа». Абааһы үөнүн Айылҕа тойон айан дьон барахсаттары уонна тыынар-тыыннаахтары барыларын эрэйдиир. Оо, бырдах баҕайы суоҕа эбитэ буоллар тыынар-тыыннаахтар барылара үөрүөхтэрэ-көтүөхтэрэ этэ. Күөх сайыҥҥа көрүлээн, үөрэн-көтөн, ыраас, тыа-хонуу салгынынан толору тыынан, сайыны быһа сытан сынньанан, сыаланан, күөх хонууга күөлэһийэн, уойан-тотон, тымныы кыһыны үөрэ-көтө көрсүөхтэрэ этэ.

Ону баара бырдах эрэйдиир, самаан сайын үтүөтэ сатыылаан турдаҕына ханна даҕаны сүгүн олоппот, сытыарбат. Тула өттүттэн саба түһэннэр, дьөлүтэ кэйиэлээннэр үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөккө, кыратык да сытыара, сынньата түспэккэ сүүрэ-хаама сылдьалларыгар күһэйэллэр.

Бырдах үөнү тойон Айылҕа билэн-көрөн мээлэҕэ оҥорботох. Бу кыра үөн сир-дойду тыынар-тыыннаах, сылаас хааннаах көтөрдөрүгэр, кыылларыгар уонна дьонугар туох туһаны оҥорорун дуу эбэтэр чахчы буортулуурун дуу биир-биир ыламмыт ааҕыталаан көрүөхпүт:

Бастакытынан, бырдах ууга үөскүүр буолан уу кыра харамайдарыгар аһылык буолар аналлаах.

Иккиһинэн, бырдах барахсан, Айылҕа тыынар-тыыннаах харамайдарын барыларын, ол иһигэр дьону эмиэ, сүгүн олоппокко, аанньа сытыарбакка дьөлүтэ кэйэн, үүрэн-түрүйэн, сүүрдэн-көтүтэн, сүһүөхтэрин тэнитэн, доруобуйаларын тупсаран, ордук тулуурдаах уонна быстыбат сылбалаах оҥортуур. Туох күүс, эйэ-нэмнээхтик, бырдахтан атын, сылааска сыта үөрэнэн эрэр Айылҕа кыылларын-сүөһүлэрин барыларын хаамтарыай, хамсатыай, сүүрдэн-көтүтэн, үүрэн-түрүйэн сүһүөхтэрин тэнитиэй? Мөлтөх, кыаммат, сылайбыт диэн аһынар-харыһыйар санаата суох буолан бырдах үөн баҕайы итинник ыарахан, үөҕүллэр-мөҕүллэр эрээри туһалаах үлэни оҥорор.

Чуумпу киэһэ хараам бырдаҕа түстэҕинэ ыксаабыт аарыма буур тайах, хара ойуурун быыһыттан үүрүллэн тахсан, дириҥ чүөмпэ уутугар киирэн турар буолар дииллэр. Дьиэ кыыллара-сүөһүлэрэ абыраллаах түптэ буруотун тула мустан, бырдахтартан саһан сынньанан абыраналлар. Кып-кыра ыт оҕото эмиэ сотору-сотору муннугар түһэр бырдахтары көтүтээри муннун буорга анньыалаан муҥнанар. Көлүүргэ сылдьар аттар сымнаҕас сирдэрин хара тордох курдук олорон, балай хаан буолуор диэри дьөлүтэ кэйиэлииллэр. Тэһии майгылаах аттар ыксаабыт өттүлэрэ кутуруктарынан дэйбиирдии сатаан бараннар, кэлин атахтарынан истэрин тэбиэлээн биллиргэтэллэр, эбиитин араастаан мөхсөллөр-тахсаллар. Холку майгыннаах, тулуурдаах аттар төһө даҕаны бырдахха күүскэтик сиэттэллэр, улаханнык кыһаммыттарын, эрэйдэммиттэрин биллэрбэттэр. Айылҕаҕа үөскүүр тыынар-тыыннаах харамайдары барыларын бырдахтар эккирэтэ сылдьан сииллэр, сайыны быһа хааннарын кыра-кыралаан көҕүрэтэ сылдьаллар.

Бырдах оҥорор үлэлэрин барыларын ааҕыталаан көрөн баран быһаардахпытына, бырдахтар оҥорор үлэлэрин туһалаах өрүттэрэ тыынар-тыыннаахтары эмтээһиҥҥэ быһаччы сыһыаннаахтара арыллан тахсаллар:

1. Тыынар-тыыннаах, сылаас хааннаах кыылларга-сүөһүлэргэ уонна дьоҥҥо хаан сүүрэр кыра тымырдарыгар харгыстаммыт хааннарын оборон ылан тымырдарын төбөлөрүн ыраастыыллар.

2. Бырдахтар сайын устата кыра-кыратык тыынар-тыыннаахтар хааннарыттан көҕүрэтэн, эргэрбит хааннара саҥанан солбуллан, саҥардыллан биэрэллэрин, ол аата эттэрэ-сииннэрэ Айылҕа хас сыл аайы уларыйан иһэр усулуобуйатыгар үөрэнэн биэрэн иһэллэрин хааччыйаллар.

3. Билигин медицина науката үөрэтэн быһаарыытынан тыынар-тыыннаахтар ис уорганнарын ньиэрбэлэрин түмүктэрэ тириилэрин анныларыгар түмүллэр эбиттэр. Бырдахтар бэйэлэрин сытыы тумсуларынан ол ньиэрбэлэр түмүктэрин кэйиэлээн ньиэрбэлэри күүркэтэннэр ис уорганнар үлэлэрин сэргэхситэллэр.

4. Дьон сайын устата бырдахтар кэйиэлииллэригэр сыыйа үөрэнэн хаалаллар. Маҥнай «айыы-айа», «абытай» буолбахтаан бараннар, кэнникинэн холкутук сапсыйан эрэ кэбиһэргэ тиийэ үөрэнэллэр. Кэлин өссө үөрэнэннэр, оннооҕор күлүмэн да соһуччу ытырдаҕына ойуоххалыы түспэт буола эрчиллэллэр. Бырдах бу эмин көрүҥэ кыылларга-сүөһүлэргэ уонна дьоҥҥо кыра ыарыылары тулуйарга, кыраттан сылтаан тымтан-ойдон, быстан барбакка, майгылара-сигилилэрэ киэҥ-холку, ураты тулуурдаах уонна өһөс буолалларыгар көмөлөһөр. Элбэх да бырдахтар саба түһэллэриттэн этигэр-сиинигэр үөскүүр ыарыылары тулуйа үөрэммит киһи санаата күүстээх, бөҕө, олох бары ыарахаттарын эрэллээхтик тулуйарга бэлэмнээх буолар.

Бырдахтар тыынар-тыыннаахтары, ол иһигэр дьону эмиэ, ыарахан олоххо бэлэмнииллэр, үөрэтэллэр, эттэрин-хааннарын эрчийэллэр уонна кыра ыарыылары тулуйарга үөрэтэн өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтөллөрө, тулуурдарын улаатыннараллара быһаарыллар.

Киһи-аймах олохсуйан олороругар тулалыыр сирэ-дойдута төһө сөп түбэһэрин бырдаҕа төһө элбэҕиттэн арааран билиэххэ сөп. Соҕуруу уобаластартан хоту диэки сыҕарыйан истэх аайы дьон олорор, үлэлиир усулуобуйалара ыараан иһэр, ол иһин бырдаҕа хойдор, элбиир. Бу аата, киһи-аймах олорор сирин усулуобуйата олорорго уонна сылдьарга төһөнөн ыараан иһэр даҕаны, оччонон тойон Айылҕа бэйэтин тыынар-тыыннаахтарын барыларын, көрөн-истэн, бырдахтарын көмөтүнэн эмтиирэ эмиэ күүһүрэн биэрэн иһэр.

Олоҕу олорууга Айылҕа усулуобуйата төһөнөн ыараан истэҕинэ киһи тулуурдаах, өһөс буолуута эмиэ эбиллэн биэрдэҕинэ эрэ олох ыараханын тулуйара кыаллар. Хоту сир олохтоохторун тулуурдара, дьулуурдара элбэҕэ айылҕа ыарахан усулуобуйатын, ол иһигэр бырдах сиирин тулуйа үөрэнииттэн үөскээбитэ итинэн быһаарыллар. (1,8).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2008. - 78 с.