Бурцев Данил Гаврильевич

Бурцев Данил Гаврильевич (1899 сыл ахсынньы 19 күнэ, Хоро нэһилиэгэ, Саха уобалаһа — 1984) — судаарыстыбаннай деятель, Үлэ дьоруойа.

Олоҕун олуктара

Данил Гаврильевич Бороҕон улууһун (билиҥҥинэн Уус-Алдан) Хоро нэһилиэгэр, 1899 сыл ахсынньы 19 күнүгэр төрөөбүтэ. Аҕата Хабырылла 30-ча сүөһүлээх сэниэ ыал эбит. Ийэтэ Настаачыйа.

Эдэр Данил Бурцев оройуоҥҥа бастакы «Маяк» колхуос бэрэссэдээтэлинэн буолбута. 1933—1938 сыллардаахха Хоро нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, онтон 1938—1943 сыллардаахха — Мүрү (Уус-Алдан) райсоветын исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, райисполком суол салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1943—1954 сыллардаахха тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын соҕотуопкалыыр контора дириэктэринэн, МТС парторганизаторынан, колхуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, хаттаан Хоро нэһилиэгин сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.

1935 сыл от ыйын 5 күнүгэр колхуостары тэрийиигэ-хаһаайыстыба өттүнэн бөҕөргөтүүгэ иһин Бурцев ВЦИК «Үлэ Дьоруойа» грамотатынан наҕараадаламмыта[1].

Быһаарыылар

  1. ↑ Герои труда Якутии. — Якутск, 2013. — 192 с. — ISBN 978-5-471-00573-0