Бурнашов Роберт Андреевич
Бурнашов Роберт Андреевич (20.01.1947-29.01.2003), экэнэмиис, бэлиитикэ уонна Ил дьайыксыта (диэйэтэлэ), өрөспүүбүлүкэҕэ айылҕа рентата төлөнүөхтээҕин олохтоохтук көрдөрбүт, туруорсубут уонна олоххо киллэрбит киһи.
Олоҕун олуктара
Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Табаҕа нэһилиэгэр төрөөбүт. Табаҕа аҕыс кылаастаах оскуолатын бастакы выпускниктарыттан биирдэстэрэ[1].
1969 с. Саха Судаарыстыбаннай университетын физико-математическай факультетын, 1980 с. Новосибирскайдааҕы норуот хаһаайыстыбатын институтун бүтэрбитэ. Экэниэмикэ наукатын хандьыдаата, Арассыыйа Федерациятын Үтүөлээх экэнэмииһэ (АФ 1999 с.кулун тутар ый 7-ис күнүнээҕи 319 нүөмэрдээх ыйааҕынан); СӨ норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ.
1974 с. Саха АССӨ Ыстатыыстыкатын салалтатыгар үлэлии кэлбитэ, отдел салайааччытыгар тиийэ үүммүтэ. 1984 с. Саха АССӨ сыана быһар Судаарыстыбаннай кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, 1990 с., Саха АССӨ Госпланын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан анаммыт. 1991 сылтан СӨ судаарыстыба бас билиитин салайар уонна приватизацияны, монополияны утары бэлиитикэтин Судаарыстыбаннай кэмитиэтин, 1993 с. СӨ экэниэмикэҕэ уонна сабаҕалааһыҥҥа Судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайбыт. Бу сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун суруйар хамыыһыйа чилиэнинэн үлэлээбитэ, Арассыыйа Федерациятын уонна СӨ ыккардыларыгар судаарыстыба бас билиитин тыырыы сөбүлэҥэр илии батааһыҥҥа кыттыбыта, 1990 сыллаахха устуоруйаҕа бастакыннан хостонор баайдары туһаныы иһин төлөбүр олохтонуохтааҕын олохтоохтук көрдөрбүтэ. Онон айылҕа рентатыттан өрөспүүбүлүкэ 1,5 млрд солкуобай эбии үп ылбыта (оччотооҕу өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн үс гыммыт кээмэйэ). Р. А. Бурнашов Сойуус инстанцияларыгар бигэргэттэрбит АК «АЛРОСА» өрөспүүбүлүкэҕэ куортамын төлөбүрдэрэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытын элбэх сыллаах кэскилин кэрэһилээбиттэрэ[2]. 1995 с. - СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буолбут.
1997 с. СӨ пенсионнай сулууспатын Департаменын дириэктэринэн анаммыт, 2000 сылтан АФ Пенсионнай пуондатын отделын - СӨ Биир кэлим пенсионнай сулууспатын салайбыт. 2001-2003 с.с. Пенсионнай пуонда Дойдулар икки ардыларынааҕы Ассоциациятын Бэрэсидьиэнин шсүбэһитинэн үлэлээбит.
СӨ II уонна III ыҥырыылаах Ил Түмэн(Судаарыстыбаннай Мунньаҕын) норуодунай дьокутаата. Бүддьүөт, үп-харчы, нолуок, сыана быһыллыытын бэлиитикэтин кэмитиэтигэр уонна Хонтуруоллуур кэмитиэккэ үлэлээбит. 2002с. тохсунньу 28 күнүгэр Федерация Сэбиэтигэр Ил Түмэн бэрэстэбиитэлинэн талыллыбыт.
2002 сыл олунньутуттан Федерация Сэбиэтин Хоту сир уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьыалаларын кэмитиэтигэр үлэлээбит.
2003 с.тохсунньу 29 күнүгэр, Федерация Сэбиэтин тохсунньу 23 күнүнээҕи №2-СФ ыйааҕынан, СӨ ll ыҥырыылаах Ил Түмэн боломуочуйатын болдьоҕо бүппүтүнэн, Федерация Сэбиэтин чилиэнин Р. А. Бурнашов боломуочуйата тохтотуллубут.
Роберт Андреевич Бурнашов 2003 с. тохсунньу 29 күнүгэр өлбүт.
Кэргэнэ Клавдия Михайловна Бурнашова.
Быһаарыылар
- ↑ В Якутии отметили 75-летие со дня рождения видного государственного и общественного деятеля Р. А. Бурнашова Е.С. Шишигин тыл этиититтэн
- ↑ Андрей Находкин дакылаатыттан. В Якутии отметили 75-летие со дня рождения видного государственного и общественного деятеля Р. А. Бурнашова
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Экэниэмикэ наукатын хандьыдаата.
- Арассыыйа Федерациятын Үтүөлээх үлэһитэ.
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ.