Бастакы Камчатка экспедицията (1725 - 1730)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бастакы Камчатка экспедициятын матарыйаалларыттан

Бастакы Камчатка экспедицията (1725 - 1730). Бүөтүр I сорудаҕынан тэриллибит экспедиция. Салайааччыта Витус Беринг.

Сорудаҕа

  • Камчаткаҕэ эбэтэр атын сиргэ икки палубалаах бот тутарга.
  • Ити боттарынан кытылл батыһан Хоту диэкки устарга, ити сир Америка сорҕото быһылаах.
  • Америка уонна Азия холбоһор сиргэ тиийэн. Атын хараабыллары көрүстэхтэринэ, ити сир туһунан ыйытарга уонна төннөргө.

Литератуураҕа баар интерпретациялар

  • Америка уонна Азия икки ардынан силбэһии баарын суоҕун быһаарыы, Кытайга уонна Индияҕа эргиэн суолуу олохтооһун.
  • Арассыыйа чэрчитин илин диэкки кэҥэтии, илин дойдулары кытта эргиэни олохтооһун, түүлээҕи бултуур сири кэҥэтии.
  • Наука, экономика уонна политика интириэстэрин холбооһун.

Экспедиция маршрута

Вологда - Улуу Устюг - Тобольскай - Енисейскай - Илимскай - Усть-Кут - Дьокуускай - Охотскай - Большерецкай - Камчатка өрүс төрдө - байҕалга (67°18‘ дылы) - төттөрү.

Силбэһии баара суоҕа быһаарыллыбатаҕа, ол гынан баран Азия хотугулуу-илин кытыла чинчиллибитэ.

Экспедиция матарыйааллара

  • В. Беринг "Донесения"
  • "Журнал бытности в камчатской экспедиции мичмана Петра Чаплина"
  • В. Беринг этиилэрэ: О задачах экономического освоения Северо-Востока (Якутия, Камчатка) уонна Общий план второй экспедиции.

Өссө маны көр

  • Вахтин В. Русские труженики моря. Первая морская экспедиция В. Беринга. СПб, 1890.
  • Ширина Д.А. Летопись экспедиций Академии наук на Северо-Восток Азии в дореволюционный период. Новосибирск, 1983.

Ылыллыбыт сирэ

  • Энциклопедия Якутии. Якутск, 2000.