Балбаах тэллэйэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балбаах тэллэйэ (лат. Coprinus atramentalius (Bull.:) Fr., нууч. Навозник серый) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.

Үүнэр сирдэрэ: киһи олорор сирдэригэр элбэхтик көстөр, балбаахха үүнэр.

Оҥоһуутун ойуулааһын

Сэлээппэтэ: Эдэр тэллэй сымыыкка майгынныыр, онтон чуораан курдук буолар, кырыыта хайыта барар. Хатырыктардаах, ситтэҕинэ килэрийэр. Диаметра 5-10 см. Күр өҥнөөх, ортотугар арыый хараҥа.
Таҥалайдаах араҥата: Бастаан үрүҥ өҥнөөх, онтон хараҥа-бороҥ, онтон хараарар.
Этэ: Үрүҥ, алдьаттахха хараарар. Кыра түүнүк сыттаах.
Атаҕа: Көҥдөй. Тиэрбэһэ түргэнник сүтэр.[1].

Туттуллуута

Эдэр эрэ тэллэйдэри тута сиэнэр уонна маринуйданар. Минньигэс. Ол гынан баран арыгыны кытта сиэтэххэ (оннооҕор 1-2 күн) сүһүрүөххэ сөп. Сороҕор чэриниилэ тэллэйэ диэн ааттыллар, тоҕо диэтэххэ урут сэлээппэтиттэн улахан суолталаах дөкүмүоннэргэ илии баттыырга чэриниилэ оҥороллор эбит.

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. Грибы Якутии. Г. С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009 ISBN 987-5-7696-3120