Аҥардас киһи
Сахалар оҕо этэ-сиинэ улаатан, өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситиһиитин биллэр бэлиэтинэн ыал буолуутун ааҕаллар. Ыал буолуу киһи этин-сиинин баҕатын ханнаран, өйө-санаата сайдыытын өссө үрдүк таһымҥа таһаарара, инники диэки сирдиирэ, олох тупсуутун ситиһэр баҕа санаалары үөскэтэрэ быһаарыллар.
Ыал буолуу киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар киллэрэр уратыларын сахалар үөрэтэн билбиттэрэ ырааппыт. Киһи кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр санаата ыал буоларыгар күһэйэн олоҕун инники сыалын ситиһэригэр тириэрдэр. Ыал буолбатах киһини туспа арааран, өйүгэр-санаатыгар итэҕэс, халыйыы баарын биллэрэн “Аҥардас киһи” диэн ааттаабыттар. Ол аата аҥардас киһи диэн өйө-санаата туруга суох, киһи аҥара эрэ буолара быһаарыллар.
Ыал буолуу эт-сиин баҕа санаатын толорон киһи өйө-санаата тупсарын, үчүгэй туһунан элбэхтик саныырын үөскэтэр. Элбэх үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥороро үксүүрүн сахалар өй-санаа, таҥараларын үөрэҕэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.
Кыыс оҕо сааһын ситтэр, 16 сааһын туоллар эрэ баҕа санаата эргэ тахсыы диэки уларыйар. Ону сахалар тутуһаннар бу кэмҥэ эргэ биэрэллэр. Ыраас кыыс оҕо эр киһи сайдыылаах этин-сиинин, буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэр кыахтанарын билигин, саха омук сайдыыны ситиһэр кэмигэр хайаан да тутуһуу ирдэнэр. Бу умнуллан хаала сыспыт былыргылар билиилэрин олоххо хаттаан киллэриигэ үрүҥ айыы итэҕэлин тутуһааччылар күүскэ ылсыһар кыахтаахтар.
Эр киһи сааһыран истэҕинэ буор кута сайдан иһэриттан үлэни-хамнаһы баһылаан баран ойох ылара сайдыылаах буор куттаах оҕону төрөтөр кыаҕын улаатыннарар, онтон кыыс оҕо сааһын ситтэр эрэ эргэ тахсан эр киһи буор кутун оҕотугар иҥэрэрэ эрэйиллэр.
Ыал буолуу оҕо улаатан киһи буолууну ситиһэрин үөскэтэр. Сахалар бу бэлиэ кэм өйгө-санааҕа киллэрэр уратытын арааран билэн “Киһи буолуу” диэн оҕо өйүн-санаатын иитэр, үөрэтэр үөрэҕи олохтообуттар. Ыал буолуу кэнниттэн киһи этин-сиинин баҕа санаата туолуута үөскүүрүттэн өйүн-санаатын туруга бөҕөргүүр, олоҕор саҥа ситиһиилэри оҥорор, тупсарыылары киллэрэр кыаҕа улаатарын тэҥэ, киһи буолуу үөрэҕин ситиспитэ бэлиэтэнэр. Ол аата киһи буолууну ситиһии диэн киһи ыал буоллаҕына ситиһиллэр бэлиэ кэм буолар.
Олох үөрэҕин өбүгэлэрбит үөрэхтэриттэн ылынан иһэрбит ордук табыллар. Сахаларга ыал буолуу уратыларын туһунан элбэх этиилэрдээхтэр:
- Кэргэнэ суох киһи “Аҥардас киһи” диэн ааттанар. Ол аата киһи аҥара эрэ диэн өйдөбүллээх. Этэ-сиинэ төһө да баарын иһин, өйө-санаата итэҕэстээх, аҥара эрэ буолар. Кэргэнэ суох киһиэхэ этин-сиинин баҕата туолбатыттан, хаатыйаланан сылдьарыттан өйүгэр-санаатыгар улахан итэҕэс үөскүүрүн сахалар былыр-былыргыттан билэн тылларыгар киллэрбиттэр. Уол уонна кыыс сөбүлэһэн ыалы үөскэттэхтэринэ эттэрин-сииннэрин баҕа санаата туоларыттан киһи буолууну ситиһэллэрэ кыаллар. Өссө атын туһалаах санаалары үөскэтинэннэр киһилии быһыылары оҥорор кыахтара улаатар.
- “Муҥур куруҥах киһи”, “Муҥур буруо, муус оһох” диэн этиилэринэн аҥардас киһи олоҕо улахан итэҕэстэрдээҕэ, элбэх баҕа санаата кыайан туолбата арыллар. Ол итэҕэстэр өйгө-санааҕа уһун кэмҥэ дьайыылара өй-санаа уларыйыытыгар, хайа эрэ диэки халыйыытыгар тириэрдиэн сөп. Бу этии аҥардас киһи үйэтэ бэйэтинэн бүтэн, быстан хааларын биллэрэрэ ордук хомолтолоох суолталаах.
- “Кытыйанан хамыйаҕынан кырбаһа олорор” диэн этии эргэ тахсыбатах кыыс, дьахтар өйө-санаата уларыйыытын, куһаҕан өттүгэр халыйыытын, этин-сиинин баҕата хамматыттан тулуура суох буолуута улаатан, сыыһа туттунара элбиирин быһааран биллэрэр.
- “Кэргэнэ суох дьахтар иччитэ суох сүөһү кэриэтэ” диэн этии аҥардас дьахтар баҕа санаата туолбатыттан эрэйдээх олоҕун, муна-тэнэ сылдьарын, атын эр дьону батыһа, көрүтэлии сатыырын кылгастык биллэрэр.
Омук олоҕор араас хамсааһыннар үөскээн тахсыылара өй-санаа туругуттан улахан тутулуктаах. Дьон ыал буолуулара аҕыйааһына, ыаллар арахсыылара элбээһинэ аҥардас сылдьааччылары үксэтэн туруга суох өйдөөхтөр-санаалаахтар элбииллэрин үөскэтэрэ омук эстиитигэр тириэрдиэхтэрин сөп.
Кэргэнниилэр арахсыылара өйдөрүгэр-санааларыгар олус улахан охсууну оҥорор. Дьон сыһыаннарыгар “Атырдьах маһыныы арахсыы” диэн тиийэн кэллэҕинэ “Үөдэн да түһэҕэр түс” диэн этии үөскээн тахсарыгар тириэрдиэн сөп. Арахсыбыт ыаллар оҕолоро “Тулаайах оҕоҕо” кубулуйарыттан өйө-санаата улаханнык буорту буолан атаахтааһын диэки халыйан хаалыан сөп.
“Аҥардас киһи” бэйэмсэх санаата улаатар. Туох булбута барыта бэйэтигэр эрэ аналланарыттан, бэйэтин эрэ билиитинэн туһанарыттан үрдүктүк туттунара эбиллэн иһэр. Ол уларыйыыны бэлиэтээн “Сааһырбыт киһи ыал буолара уустук” диэн этэллэр. Ону тэҥэ аҥардас, эттэрин-сииннэрин баҕата туолбатах дьон элбээһиннэрэ араас хамсааһыннар үөскээһиннэригэр тириэрдиэн сөп.
Ыал буолуу диэн атын киһини кытта сөбүлэһиини, холбоһууну, кини туһугар олоҕу олорууну, баҕа санаатын толорууга кыһаныыны үөскэтэриттэн киһи бэйэмсэх өйүн-санаатын улаханнык уларытарын, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһарын эрэйэр. Аныгы атаахтык иитиллэр эдэрдэр ыал буолаат арахсалларын төрүтэ итиннэ, бэйэмсэхтэрэ улааппытыгар саһан сылдьар. Атаах оҕо бэйэмсэҕэ улаханыттан, бэйэтиттэн атын кимиэхэ даҕаны үчүгэйи оҥорор санаата суоҕуттан уонна олору ыгааһын күүһүнэн оҥордоҕуна даҕаны халы-мааргытык тахсарыттан ыаллар арахсыылара элбиир.
Омук олоҕор туруга суох өйдөөхтөр-санаалаахтар элбээтэхтэринэ “Муостаах муостааҕы көрсүөҕэ” диэн этии олоххо киирэриттэн араас, буолар-буолбат, ол-бу, ураты баҕа санааларын толоро сатааччылар элбиэхтэрин уонна салайар былааһы сөбүлээбэттэрин биллэрэр хамсааһыннары үөскэтэллэрэ кэлиэн сөп. Дьон олоҕо туруктаах буолуутун үөскэтэр салайар былаас ыал буолуу туһатын билэн, кыыс оҕолор ыраас кыыстарынан эргэ баралларын, анаан-минээн тэрийэрэ эрэйиллэр көрдөбүл буолар.
Бу көрдөбүл туолуута улахан уустугу оҥорбот. Төрөппүт кыыс оҕотун кыра эрдэҕиттэн харыстаан, энньэтин бэлэмнээн, сааһа ситтэр эрэ сөптөөх эр киһини булан эргэ биэрэрэ эрэйиллэр. Омук сайдыыны ситиһэрин туһугар дьахталлар оҕо төрөтүүтүнэн уонна иитиитинэн дьарыктаналлара быдан улахан туһалаах.
Ыал буолуу киһи инники олоҕор ананар кэскиллээх санаалары киллэрэн, элбэтэн өссө ситиһиилэри оҥорорун үөскэтэр, оҕо улаатан иһэн өйө-санаата үрдээн иһэр таһымын, киһи быһыылаах буолууну ситиһэн иһэрин биллэрэр. Киһи ыал буоллаҕына тапталы билэн, аһынар, харыстыыр, көмөлөһөр санаата биллэрдик улаатан өйө-санаата тупсарын иһин киһиэхэ ыал буолуу кэлэр кэмин аһаран кэбиспэтэххэ туһата улаатар.
“Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн этии дьахтар оҕо төрөтөр кэмэ кылгаһын биллэрэр. Бу олоххо туһалаах этиини тутуһан дьахталлар эргэ тахсалларын хойутатыахтара суоҕа этэ. Ол курдук дьахтар хойутаан баран оҕолоноро ыарыһах оҕону төрөтөрүн элбэтэр.
Ыал буолуу диэн киһи этэ-сиинэ ситэн, өйө-санаата сайдан, тупсан айылҕаттан аналын толорон, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэргэ чахчы кыһаныыта ааттанар. (1,44).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин Иван Иванович. Ыал буолуу үгэстэрэ / Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |