Артёмовск (Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ)
Артёмовск — Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ, Артемовской оройуонугар баар куорат, Соледар куорат таһыгар. Дьонун ахсаана 2022 сыл түмүгүнэн 71 094 киһи.
2022 сыл балаҕан ыйын 30 күнүнээҕи Арассыыйа уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ дуогарабынан Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ, Артёмовскайы кытары, Арассыыйа састаабыгар саҥа субъект курдук киирэр[1].