Апросимов Михаил Михайлович
Апросимов Михаил Михайлович (07.07. 1950) — дыраама тыйаатырын, киинэ артыыһа. СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Саха АССР Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук нэһилиэгэр 1950 сыллаахха, от ыйын 7 күнүгэр төрөөбүтэ. 1974 с. М. С. Щепкин аатынан Тыйаатыр үрдүкү учуулуссатын бүтэрбитэ. 1974—1999 сс. Ньурба көс тыйаатырыгар үлэлээбитэ, 60 оруолу толорбута. 1999 сыллаахтан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлиир.
Айар үлэтэ
Тыйаатырга сүрүн оруоллара:
Арсан Дуолай — «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо; Нараган -«Лоокуут уонна Ньургуһун» Т. Сметанин; Дьэкиим — «Игра жизни», старик Иван — «Дьадаҥы Дьаакып» Алампа; Орган — «Хаарыан хампа күөх кытылым» Ч. Айтматов; Пантолене- «Король Олень» К. Гоцци; Лобенгула- «Свободы жаркий день», Роман- «Кэпсээнтэн кэпсээн» С. Омоллоон; доҕор- «Суор» Н.Лугинов; Чебутыкин- «Три сестры» А. Чехов; Абдулла — «Расцвел бы вновь подснежник» Ф. Буляков; Бальбоа — «Деревья умирают стоя» А. Касон; Харлампьевич — «Случай на озере Сайсары» Е.Неймохов; человек Крутицкого — «На всякого мудреца, довольно простоты» А. Островскай; Петр — «Власть тьмы» Л. Толстой; Аверенский- «Я вернусь…», Енохов- «Кэт Марсден. Ангел милосердия», Данилов — «Прости отец, прости…», учуутал- «Учитель», Ефремов — «Три реалиста» В. Харысхал; ойуун- «Хара кыталык» Кындыл; Бакыыса — «Сын вечного неба Василий Манчаары» А. Дойду; лекарь -«Король Лир» В. Шекспир; Саввин- «Бүгүн эбэтэр хаһан да…» Д. Наумов; Булм- «Цирк Альберти» И. Бергман; Тоэк- «Дух земли» П. Ламутскай; повар — «Хунны» Н. Лугинов; крестьянин — «Мамаша Кураж и ее дети» Б. Брехт; Николай — «Төлкө» Н. Якутскай; Егор Егорович- «Максим» С. Данилов, В. Протодьяконов. Н.Лугинов, Д. Наумов, В. Харысхал, Е. Алексеев[1].
Киинэҕэ оруоллара:
Хаартыһыт — «Хара мааска» реж. Н. Аржаков, ойуун- «Тыал баарын тухары» реж. С. Потапов; Егор — «Травоядные» реж. С. Ермолаев; 2017 сыллаахха «Ага» диэн киинэҕэ сүрүн оруолга уһуллубута.
Кинигэлэрэ:
«Одун хаан оҥоһуутунан», «Сүрэхтэн сүппэт түгэннэр». Маны таһынан тыйаатыр артыыстарын туһунан ыстатыйалар ааптардара.
Наҕараадалара
2019, бэс ыйа — Уһулуччу оруол — «Көмүс лиипа» (Стара Загора, Болгария)[2] «Ага» диэн киинэҕэ сүрүн оруолун иһин.
Быһаарыылар
- ↑ Саха тыйаатырын ситим-сирэ, Михаил Апросимов
- ↑ http://thegoldenlinden.com/