Ан-140

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Билэ:Yakutia Antonov An-140-100 Adzhigildaev-1.jpg
Якутия авиакомпания Ан-140 көтөр аала

Ан-140 — Украинаҕа оҥоһуллубут региону хааччыйар таһаҕас уонна дьону тиэйэр көтөр аал. Эргэрбит Ан-26 ааллары солбуйарга анаммыт.

Аалы Украинаҕа Харьков куракка, Арассыыйыҕа Самара куоракка уонна Ираҥҥа оҥороллор.

Уопсай сибидиэнньэлэр

Икки мотордаах. Үс намыһах салгын баттааһыннаах шассилаах.

Кээмэйдэрэ

Билэ:Ан-140.jpg
Ан-140 көтөр аал ис көстүүтэ
  • Муҥутуур ыйааһына 21 500 кг
  • Таһаҕас тиэйэр ыйааһына 6 000 кг [1]
  • Пассажир ахсаана 52 киһи [1]
  • Уматык ыйааһына (r=775 кг/м³)||
  • Түргэнэ 460 − 540 км/ч[1]
  • Көтөр үрдүгэ 7 200 м [1]
  • Сир устун сүүрүүтэ 880 м [2]
  • Чааска уматык ороскуота 560 кг/ч
  • Толору тиэллэн көтөр ырааҕа 2 320 км
  • Экипаж 2 киһи [1]

Мотуордара

Икки ТВ3-117ВМА-СБМ1 турбиналаах мотуор турар, ICAO ирдээһинигэр эппиэттиир.

Бары өттүнэн аан дойдутааҕы нуормаҕа эппиэттиир.

Сааххаллар

2009 сыл олунньу 16 күнүнээҕи туругунан 3 аал сааххалламмыт.[3]

Дата Борт нүөмэрэ Миэстэ Өлүүлэр Кылгас быһаарыы
23.12.02 14003 Исфахан (Иран) 44/44 Хайаҕа охсуллубут.
23.12.05 4K-AZ48 Нардаран (Азербайдьан) 23/23 Прибордара аккаастаабыттар
15.02.09 EP-SFG Исфахан (Иран) 5/5 Олорон иһэн кынатынан сири таарыйбыт.[4]

Быһаарыылар


Өссө маны көр