Алексеев Егор Сидорович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алексеев Егор Сидорович — Иккис Аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, учуутал, Баппаҕаайы кыраайы үөрэтээччитэ.

1925 сыллаахха төрөөбүтэ. 1944 сыллаахха бэс ыйын 17 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Рядовой, Забайкальский фронт, 36 армия, наводчигынан сылдьыбыт. 292-с стр. дивизия, 892-с стр. полк. Манчжурияҕа Хайлар куораты ылыыга кыттыбыта. 1948 сыллаахха муус устар 7 кунугэр демобилизацияланан дойдутугар кэлбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин ‖ степеннаах орденнаах, Хорсунун иһин, Японияны кыайыы иһин медалларынан наҕараадаламмыта. Оскуолаҕа саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. Отличник народного просвещения, За услуги в развитии физической культуры и спорта ЯАССР знактаах. Егор Сидорович оҕо сааһыттан активнай общественнай олоххо кыттара, эдэр сааһыттан бэйэтин олоҕун комсомолу уонна партияны кытта сибээстээбитэ.

Оскуолаҕа киириэҕиттэн Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэриэр диэри колхозка оҕуһу сиэтэн, аты үүрэн, оту оттоон, маһы мастаан улааппыта. Оннооҕор сэрии ыар сылларыгар, училище иккис куурсун бүтэрэн баран, биир сайын Сталин аатынан колхозка биригэдьииринэн улэлээбитэ. Онтон 1944 сыллаахха училищены бүтэрбит эдэр учуутал Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта уонна 1945 сыл сайыныгар диэри элбэх байыаннай уөрэҕи ааһан баран атардьах- балаҕан ыйдарыгар Японияны Утары кыттыбыта.

Ол кэнниттэн 1948 сылга диэри комендатураҕа сулууспалаабыта. Саппааска тахсыбыт старшай лейтенант Алексеев Егор Сидорович учуутал быһыытынан үүнэр көлүөнэни иитиигэ ылсыбыта. Кини улэлии сылдьан, кэтэхтэн үөрэнэн, учительскай институт литературнай факультетын бүтэрбитэ. Быыбарга талыллан 1960-62 сылларга Октябрь колхоз председателин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Эмиэ кэтэхтэн үөрэнэн 1967 сыллаахха Саха Государственнай университетын саха тылын уонна литературатын отделениетын бүтэрбитэ.

Егор Сидорович 1944 сыллаахха байыаннай сулууспаҕа сылдьан комсомолга киирбитэ. Уонна онно комсорунан үлэлээбитэ. ССКП кэккэтигэр 1952 сыллаахха киирбитэ. Ол күнтэн ыла Егор Сидорович маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ секретарынан, секретары солбуйааччынан, бюро чэлиэнинэн, народнай хонтуруол, группатын председателинэн, пропагандиһынан өр сылларга үлэлээбитэ. 1949 сыллаахтан Октябрь суола, Кыым хаһыакка общественнай корреспонденынан үлэлээбитэ. Баппаҕаайы нэһилиэгин, оскуолатын историяларын, колхоз тэриллиитин историятын,үлэ, сэрии ветераннарын ахтыыларын тус-туспа суруйталаабыта.