Алексеева Елизавета Николаевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алексеева Елизавета Николаевна (учуутала.

Олоҕун олуктара

Сунтаар оройуонун Сунтаар нэһилиэгэр 1945 с. төрөөбүтэ.

1975 с. Саха государственнай университетын нуучча тылын салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ.

Оройуоҥҥа нуучча тылын учууталларын ортотугар уһулуччу талааннаах, дириҥ билиилээх педагогунан биллэр. Уһун кэмнэргэ үөрэх оройуоннааҕы салаатыгар методический кабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Оройуон оскуолалара ол сылларга методическай үлэни педкэлэктииптэргэ туруорууга 7 төгүл бастаабыта, методическай кабинет базатыгар семинар ыытыллара.

1989 сылтан В. Г. Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолаҕа директоры иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлиир. Сунтаар алын сүһүөх оскуолата1998, 1999 сылларга «Россия оскуолата» ааты; 1997, 2001 сылларга «Сыл бастыҥ алын сүһүөх оскуолата» ааттары ылбыта; 2003 сылтан «Школа „Рост“ -школа развития личности» экспериментальнай былассаакка буолбута.[1] Бу ситиһиилэргэ методист учуутал Елизавета Николаевна үтүөтэ-өҥөтө дьоһуннаах. Оскуолаҕа Эльконин, Давыдов, Занков ньымаларынан үлэлииллэр. Омук тылын үөрэтиигэ, хас биирдии оҕо уратытын үөрэтиигэ психологическай сулууспа теорияҕа уонна практикаҕа олоҕуран, дириҥ хорутуулаахтык үлэлиир.[2]

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала
  • РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна
  • «Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учуутала» бэлиэ
  • Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо[3][4]

Быһаарыылар

  1. Рост(Творчество)/МБОУ «Сунтарская общеобразовательная начальная школа им. В. Г. Павлова»[Составители: М. И. Аргунова, Е. Н. Алексеева, М. И. Аввакумова и др]
  2. Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно / хомуйан оҥордулар Н. Н. Спиридонов, А. К. Васильев; эп.эрэд.: Т. Н. Иванова уо.д.а. — Дьокуускай : Чопчу, 2020.
  3. Сунтаар улууһугар норуот үөрэҕириитин сайдыыт / [хомуйан оҥорон, бэчээккэ бэлэмнээтилэр И. Т. Назаров, Н. И. Алексеев; эппиэттиир ред. М. И. Аввакумова]. Дьокуускай: Бичик, 2009.
  4. Педагогическая энциклопедия / М-во образования Респ. Саха (Якутия); [науч. ред.: Михайлова М. Г. д.п.н., проф ЯГУ, Петрова С. М. д.п.н., проф. ЯГУ ; сост. Иванова В. С.]. — Якутск, Т. 1. — 2000.

Сигэлэр