Алдан (киинэ)
Алдан — 2025 сыл Арассыыйа киинэтэ[1]. Киинэ дьиҥнээхтик буола сылдьыбыт түгэннэргэ олоҕурар, Николай Потапов диэн саха IT-үлэһитин остуоруйатын кэпсиир[2]. Анал байыаннай дьайыы туһунан бастакы киинэ[3].
Айыы устуоруйата
«Алдан» уус-уран киинэ Запорожскай уобалас уонна Саха Сирэ эрэгийэннэр икки ардыларынааҕы бастакы бырайыага буолар. 2023 сылга ПМЭФ-кэ эрэгийиэннэр баһылыктара киинэни оҥорорго сөбүлэспиттэрэ[4][5].
Сүрүн герой прототипынан Саха Сириттэн төрүттээх, хорсун быһыытын иһин «Эр санаа» уордьанынан наҕараадаламмыт, байыаннай медик Николай Потапов буолар[3][2].
Сүжет
Оруолларга
Уһулар бөлөх
- Режиссёр: Дмитрий Кольцов
- Сценарий ааптара: Роман Владыкин
- Продюссердар: Данил Куликов, Андрей Сенцов, Афанасий Саввин
Култуураҕа
Алиса Вокс уонна Сергей Галанин «Смерти нет» диэн ырыаларын килиибигэр «Алдан» киинэ каадырдара бааллар[7].